Page 68 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 68
ВАСИЛИЙ СЕМЁНОВИЧ ЯКОВЛЕВ—ДАЛАН
(1928—1996)
Василий Семёнович Яковлев-Да-
лан — саха норуодунай суруйааччыта.
Бастакы айымньыта «Дьикти саас»
сэһэнэ 1976 сыллаахха «Хотугу Сулус»
сурунаалга бэчээттэммитэ, 1978 сыл-
лаахха туспа кинигэ буолбута. Салгыы
суруйааччы 1979 сыллаахха «Аар тай-
ҕам суугуна» диэн айылҕа харыста-
былыгар анаммыт сэһэнэ Далан диэн
литературнай аат мээнэҕэ ылыллыба-
таҕын ааҕааччыларга итэҕэппитэ.
Талаанын саҥа кэрдиистэринэн са-
ха былыргытын уус-ураннык көрдөрөр
историческай хабааннаах айымньылар
буолбуттара. 1983 сыллаахха тахсыбыт «Тулаайах оҕо» айым-
ньыта — кыргыс үйэтинээҕи кэмҥэ Саха сиригэр олорбут но-
руоттар олохторун-дьаһахтарын көрдөрүү биир чаҕылхай хо -
лобура. Суруйааччы бу тиэмэҕэ сүрүн үлэтинэн буолбут «Ты-
гын Дархан» историческай арамаана 1993 сыллаахха күн сирин
көрөн, ааҕааччылар биһирэбиллэрин, кириитиктэр үрдүк сыа-
набылларын ылбыта, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын иһи-
гэр киэҥ кэпсэтиини күөдьүппүтэ. Туох да күүркэтиитэ суох,
бу арамаан — саха литературатын саамай үрдүк ситиһиитэ.
«Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын» (1991 с.), «Кынаттаах
ыралар» (1988 с.) арамааннарын, «Дьылҕам миэнэ» (1994 с.)
автобиографическай арамаан-эссетин суруйан ааҕааччыларга
хаалларбыта.
Кырачаан ааҕааччыларга анаан хас да кинигэлээх: «Саха
төрдө», «Тэппэй боччумурар», о.д.а. Драматическай айымньы-
лары эмиэ суруйталаабыта.
«Василий Семёнович Яковлев историк буолан, бэйэтин но-
руотун олоҕун араас историческай, этнографическай, фоль-
клорнай источниктарыттан ымпыктаан-чымпыктаан ылан, олор -
го тирэҕирэн суруйбут айымньыларынан «Хотугу номохтор»,
«Кэриэн ымыйа» буолаллар.
Далан «Дьикти саас» сэһэнэ норуот ааспыт олоҕун устуо-
руйатын кытта дириҥ силистээх-мутуктаах, олох араас утар-
сыыларын кырдьыктаахтык көрдөрөр саха билиҥҥи прозатын
биир бэлиэ айымньыларыттан биирдэстэрэ буолар. Сэһэҥ-
68