Page 67 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 67

Маны таһынан, маассабай литература аныгы кэм көстүүтүн
         быһыытынан 1990-с сыллар ортолоруттан баар буолбута.
            1980—1990-с  сыллардааҕы  саха  поэзията  тиэмэ,  форма
         өттүнэн уратытык сайдыбыта. Бу кэмнээҕи бэйиэттэри сүрүн -
         нээн үс көлүөнэҕэ наардыахха сөп. Аҕа көлүөнэ бэйиэттэр Күн-
         нүк  Уурастыырап,  Савва  Тарасов,  Николай  Босиков  —  айыл-
         ҕа уобараһын нөҥүө бөлүһүөктээн этэр хоһооннору, Пётр То-
         буруокап  гражданскай  лиирикэни,  Моисей  Ефимов  норуот
         устуоруйа тын  анаарар  хоһооннору,  Иван  Гоголев  итэҕэли
         кытта  ситимнээх  бэйиэмэлэри,  Рафаэль  Баҕатаайыскай  саха
         интэлигиэнсийэтигэр анабыл бэйиэмэлэри, Семён Руфов көр-
         күлүү  хоһооннору,  Василий  Сивцев  сонеттары  суруйбуттара.
         Орто  көлүөнэ  бэйиэттэр  Николай  Винокуров-Урсун,  Николай
         Чуор,  Иван  Мигалкин,  Наталья  Харлампьева,  Егор  Шеста-
         ков-Эрчимэн,  Василий  Босяк,  Василий  Алексеев,  Анатолий
         Старостин-Сиэн  Кынат  айар  үлэлэрэ  тахсыылаах  буолбута.
         1990-с  сыллардаахха  поэзияҕа  саҥа  ааттар  киирэллэр:  Егор
         Старостин-Байаҕантай,  Ольга  Корякина-Умсуура,  Саргылана
         Гольдерова-Саргы Куо, Наталья Михалёва-Сайа, Венера Пет-
         рова-Венера,  Уйбаан  Николаев-Уххан,  Николай  Бугаев-Буҕа,
         Сардаана  Амгинская,  Елена  Слепцова-Куорсуннаах,  Борис
         Павлов, Мария Решетникова-Алексеева.
            1990-с  сыллардаахха  ордук  гражданскай  лиирикэ  сонун
         көстүү буолар: философскай хабааннаах, бэлитиичэскэй, экэ-
         нэмиичэскэй уларыйыылары анаарар, норуот кэлэр кэскилин
         уус-уран тыл көмөтүнэн араҥаччылыыр, ону ааһан норуот кэ -
         лэр кэскилин туһугар долгуйар ис хоһоонноох. Эрдэтээҕи бэ-
         йиэттэр  төрөөбүт  дойдуларын  бүтүн  Сэбиэскэй  Сойуус  диэн
         этэр  эбит  буоллахтарына,  бу  кэмнээҕи  бэйиэттэргэ  алаас
         уоба раһа (малая родина) ордук хоһуйуллар.
            1980-с сыллар ортолоруттан Аҕа дойду Улуу сэриитин тиэ-
         мэтэ  саха  поэзиятыгар  иккистээн  эргиллэр.  Сэрии  кэмигэр,
         кэнниттэн оҕо саастара ааспыт бэйиэттэр ахтыы хоһооннору-
         гар тыыл ыарахан олоҕун итэҕэтиилээхтик ойуулууллар.
            Николай  Лугинов,  А. Д. Сивцев-Айсен  Дойду,  В. Е. Васи-
         льев-Харысхал,  С. Н. Ермолаев-Сиэн  Өкөр,  И. А. Дмитриев-
         Сиэн  Чолбодук  историческай  тиэмэлэри,  лиичинэстэри  ары-
         йар постмодернистскай хабааннаах дыраамалара сыанаҕа ту-
         ран оонньоммуттара, көрөөччү сэҥээриитин ылбыттара.

                                                             М. П. Попова




                                                                       67
   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72