Page 62 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 62
Эрэнэрим —
Олоҕум бүтэр уһугар,
Ыллара сытан ыарыы улугар
Ынчыгы ырыанан солбуйар
Ыстаал хатарыылаах буолуохпар.
Итэҕэйэрим —
Сырдык санаа батаспынан
Дьоло суохтары харыстаһыахпын,
Таптыыр сахам тылынан
Тааһырбыт сүрэҕи сымнатыахпын.
Билигин да
билиммэппин —
Бары баҕаларым
Баранан, бүтэйэ уолуохтарын,
Сиик, туман курдук, ыраларым
Симэлийэ сүтэн хаалыахтарын…
ХАХЫЙАХ ЫРЫАТА
Мин сибэкки буолбатахпын,
Суох, мин арыый атыммын —
Тымныы халлааны таламмын,
Ойдом үүммүт хахыйахпын.
Буурҕа улуйар түүнүгэр
Мин өрүү соҕотох буолабын,
Кырыалаах лабаабын уунабын —
Айылҕа уордайбыт күүһүгэр.
Мин сибэкки буолбатахпын.
Ол эрэн, оһуор от кэриэтэ,
Сырдык тыыннааҕым бэлиэтэ —
Сылааһы таптыыр дууһалаахпын.
Ол иһин күүтэбин: хаһан эрэ
Мин хатан эрэр лабаабар,
Өҥө суох бороҥ таһаабар,
Күөххэ тапталы дьон көрүөхтэрэ.
Баҕар, үөһэ тыынан ылыахтара —
Ыйдаҥа тунал түүннэригэр,
Ырааҕы ахтар түүллэригэр,
Уонна мин туспун ыллыахтара!..
62