Page 58 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 58

Ол сүдү күүс тугун таба тойоннуу,
                         Тыгын обургу, хоһуун хомпорууннуу,
                         Улуу Туймааданы тула одуулуур.
                         Киниэхэ баар, сомоҕо сутуруктуу,
                         Саха бииһин бииргэ түмэргэ дьулуур.

                         Кини ол ыратын ымыы оҥостон
                         Олоҕун аналынан ааҕыммыта.
                         Кэрэ кэскили кыргыс болото
                         Быһаарар ынырык кэмин оҕото
                         Кыайан куоппатаҕа хара дьалыҥтан.
                         Санааҕар тутума, Тыгын кырдьаҕас,
                         Эндирдээх, уустук олоххун аҥаардас
                         Хаан эрэ олбохтоох курдук кыараҕас
                         Ычалаан көрдөрө сатааһын адьас
                         Сыыһатын өйдүүбүт. Көнүөхтээх алҕас.

                         Бөлүүн түһээн көрдүм мин эдэр Тыгыны
                         Хотой үҥкүүтүн үҥкүүлүү сылдьарын.
                         Уонна санаатым кэнчээрим дьылҕатын…
                         Үүнэр көлүөнэм хотой таҥаратын
                         Түмэр күүс оҥостон үҥэ сырыттын!



                    Ыйытыылар уонна сорудахтар
                1.  Түүл — олох аргыһа. Саха түүлү сэргиир, кэпсэтиигэ кил-
                   лэрэр, тойонноон толкуйун тобулар идэлээх. Бэйиэт түүлүн
                   ырытыһыҥ.
                2.  Хомпоруун  Хотой  үҥкүүтүн  туох  символ  бэлиэтин  курдук
                   ылынныгытый?
                3.  Хоһоонтон  Тыгын  ил,  эйэ,  сомоҕолоһуу,  түмсүүлээх  буо-
                   луу, норуот эрдээх санаатын бөҕөргөтөр кэрчиктэрин булан
                   кэпсэтиһиҥ.
                4.  Моисей Ефимов «үүнэр көлүөнэм хотой таҥаратын түмэр
                   күүс оҥостон үҥэ сырыттын» — диэн этиитэ туох ис но-
                   мохтооҕун быһаарсыҥ.











              58
   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63