Page 61 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 61
леевка сүгүрүйэрэ эмиэ өйдөнөр… Сэбиэскэй былаас толо-
ру көҥүлү биэрдэ диэн айхаллаан туойа-ыллыы сырыттах-
тарына, ханнык эрэ көҥүлү көрдүүр поэтесса, чахчыта да,
өйдөммөтөҕө.
Кини итэҕэйэр норуотун өлбөт-сүппэт албан аатыгар, үйэ-
лэргэ алтыһан кэлбит айылҕабыт улуу күүһүгэр уонна бэйэтин
кырдьыксыт сүрэҕэр.
Кини иэйэн-куойан туран эппит тыллара билигин да тыын-
наахтар, дьон сүргэтин көтөҕөллөр».
Борис Попов
* * *
Үчүгэйиэн бу Сиргэ
Үөрэ-көтө сылдьар,
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар!
Билбэт уолан киһим,
Көрө түһээт, мичээрдиир,
«Күннээх халлаан» иһин
Сибэккини бэлэхтиир.
Оргууй хааман иһэбин,
Суоҕу — баар дии саныыбын…
Дьоллоох дьонтон үөрэбин,
Дьоһуна суох ыллыыбын.
Ырыа тылын тулабар
Массыыналар ыһаллар,
Былыргылыы алгыыллар
Бастыҥ тылы айаллар.
Үчүгэйиэн бу Сиргэ
Үөрэ-көтө сылдьар,
Үгүс дьоннуун сэргэ
Олох дьолун сырсар!
* * *
Ураты киһи буолуохпун,
Уустук олоҕу олоруохпун
Баҕарар да этим,
Атын дьолу билбэтим.
61