Page 57 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 57
2. Тоҕо итинник буоларбын бэйэм да билбэппин.
Бадаҕа, гуннары саханы кытта
Ситимниир дьикти күүс тааллыбат кистэлин
Кэм-кэрдии түгэҕиттэн ким эрэ ыытар — диэн этии ис но-
моҕун ырытыһыҥ, саха төрүт өйдөбүлүгэр сыһыаран кэпсэ-
тиҥ, тойоннооһун киэбинэн кылгас суругунан үлэтэ толо-
руҥ.
3. «Эллэйада», Аттила, моҕол ураһа киһи аймахха суолтала-
рын кэпсэтиһиҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
Г. В. Ксенофонтов, А. И. Гоголев, С. И. НиколаевСомоҕотто
чинчийиилэригэр олоҕуран, төрүт өбүгэлэрбит түүр норуотта-
рыттан ситимнээхтэрин ырытыһыҥ.
Ааҕыы, сэһэргэһии
ХОТОЙ ҮҤКҮҮТЭ
Бөлүүн түһээн көрдүм мин эдэр Тыгын
Хотой үҥкүүтүн үҥкүүлүү сылдьарын.
Далай өксөкү быһыытын-таһаатын
Ылыммыт уолан туттуутун-хаптыытын
Имэҥнээх иэйиитигэр абылаттым.
Сата-буурай холорук саба сынньар
Анысхан уоҕун үрэйэ сапсыйар
Модун дабыдалын уол даллаҥнатар.
Чаҥыргыы түһээт, өндөл халлааммар
Өрө көтөн күлүбүрэйэн тахсар.
Аламай күнүм аалыы сардаҥата
Чыллырыыт куорсунун кылапачыта,
Күлүмүрдүү оонньуур көмүс дуйдаата.
Онно хотойум сарыал саһарҕата
Арчылыыр сардаҥатыгар кыттыста.
Дьэ онуоха араҥалаан анаардым
Хотой кутугар саха урааҥхайым
Үйэ саас үҥпүт үрдүк таҥаратын
Үтүөнү үөдүтэр илгэлээх тыынын
Сөҕүрүйбэт күүһэ сөҥөн сылдьарын.
57