Page 60 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 60

ВАРВАРА НИКОЛАЕВНА ПОТАПОВА
                                      (1946—1979)


                                         Поэтесса  Варвара  Потапова  Ньур-
                                      баҕа Сүлэ нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
                                         1966 сыллаахха СГУ-га саха тылын
                                      уонна литературатын салаатыгар үөрэ-
                                      нэ  киирбитэ.  Үөрэҕин  бүтэриэҕиттэн
                                      өрөспүү бүлүкэ хаһыаттарыгар үлэлээ -
                                        битэ. «Күннээх халлаан» диэн бастакы
                                      кинигэтэ  1972  сыллаахха  тахсыбыта.
                                      Варвара  Потапова  хоһоонноро  бэйэ -
                                      тин кэминээҕи олоҕо, уопсастыба хаа-
                                      мыытыгар  дууһатын  ис  мөккүөрэ,  ар-
                                      дыгар  санаа  түһүүлээх,  ол  эрэн  ин -
                                      никигэ,  сырдыкка  эрэли  саҕар  күүс-
                                      тээхтэр. Кини бар дьону «араарбакка»
             таптыырга, харыстыырга ыҥырар хоһоон норо ааҕааччы дууһа-
             тын сымнатар, сылаас истиҥ иэйиини саҕар эйгэлээхтэр.

                «Саха поэзията эгэлгэ өҥнөнүүтэ, киһи олоҕун уонна ис дуу -
             һатын психологическай хамсааһыннарын араас ымпыгар-чым-
             пыгар өтөн киириитэ күүһүрдэ, ойуулуур-дьүһүннүүр кыахта-
             ра кэҥээтэ, төлкөлүүр да дьоҕура кытта улаатта.
                Бука, онуоха кырата суох өҥөнү Варвара Потапова, Ната-
             лья Харлампьева, Саргылана Гольдерова, о. д.а оҥордохторо.
             Кинилэр бэйэлэрин айымньыларынан ырыа-хоһоон аргыстаах
             дьахтар киһи нарын иэйиитин, сонун куолаһын, туспа тиэмэ-
             тин, духовнай интэриэһин, олоххо тардыһыытын саха поэзия-
             тыгар холбоотулар.
                Варвара Потапова поэзиятын сүрүн санаалара — Көҥүлгэ
             дьулуһуу уонна Кырдьыгы булуу. Кини «улугурбут дьоҥҥо төлө
             көтөр кыымнарын уматыан» баҕарар. Ол иһин кини сүгүрүйэр
             биир дьоруойа Манчаары буолар:
                                 Манчаары, Манчаары,
                                 Тоҕо мин мунчаара,
                                 Истэбин эн ааккын,
                                 Сиргэ көстөн ааспыккын.
                Көҥүл  туһугар  толук  буолбут  Манчаары:  «Дьоло  суохпун»
             диэн  муҥатыйара  оччотооҕуга  саха  литературатыгар  ураты
             көрүү буолан киирбитэ. Поэтесса эмиэ Манчаары дьылҕатын
             хатылыан  сөбүттэн  мунчаарар.  Кини  «бардам»  бэйиэт  Ры-

              60
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65