Page 56 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 56
ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ
Символ — уус-уран уобарас бэлиэтэ эбэтэр суруйааччы тугу эмэ
этээри гынарын атын предметинэн ханарытан, уобарастаан этиитэ.
Холобур, холууп — эйэ, кылыс — охсуһуу бэлиэтэ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
«Мин күһүнүм», «Күһүҥҥү санаалар», «Дьыл кэмнэрин
ураты кэрэлэрэ» диэн тиэмэҕэ эссетэ эбэтэр дьүһүйүүтэ суру
йуҥ.
КИСТЭЛЭҤНЭЭХ СИТИМ
«Эллэйаданы» арыйдахпына мин харахпар
Көстө түһэр Аттила куйаҕын килбиэнэ.
Титирэстээн ыларга дылы ат туйаҕыттан
Аан дойду аҥаарын киэҥ иэнэ.
Тоҕо итинник буоларбын бэйэм да
билбэппин.
Бадаҕа, гуннары саханы кытта
Ситимниир дьикти күүс тааллыбат
кистэлин
Кэм-кэрдии түгэҕиттэн Ким эрэ ыытар.
Оччоҕо фантазия кырдьыктыын силбэһэр:
Араас үйэлэр эҥин быһылааннара
Мин өйбөр илэ-бодо тиллэн кэлэллэр,
Сүрбэр биллэллэр айыы дьайааннара.
Моҕол ураһалар үрдүлэринэн көстөллөр
Халлаан күөҕэ өҥнөөх куупаллар.
Уһуу кынаттаммыт санааларым көтөллөр
Быралыйбыт дьыллар улаҕаларыгар.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Бэйиэт төрүт өбүгэлэрин кытта ситимниир күүстэр «сүрбэр
биллэллэр айыы дьайааннара» диэн туох сүрүн санааны
этэрий?
56