Page 51 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 51

Куһууран-куугунаан, халлааҥҥа уһуутаан,
                  Былыты быһыахпын, ый түөһүн салыахпын,
                  Күн өркөн төлөнүн буруонан сабыахпын,
                  Муоралар ууларын оргута оонньуохпун
                  Баҕарар буоллаҕым! Баҕарар буоллаҕым!
                                        Уу:
                  — Киэр, түксү, түөһэйбит! Кэпсэниэх бүппүтүн!
                  Дириҥтэн тэриллээх, ыраахтан ыйаахтаах
                  Улуукан удьуора буолларбын даҕаны
                  Эн курдук киһиргиэм, кэпсэниэм суоҕа мин.

                  Төрөөбүт далайым — ийэкээм урсуна
                  Халлааны кытары ханыылыы тутуллар,
                  Дьаарбайар дуолбутун тэҥнэһэр буоллахха —
                  Эйиэнэ чэрдийбит түөн оннун санатар.

                  Тайааннаах тайҕаны салыырым диэхтиигин —
                  Наһаалаан этэргин бэйэҥ да билэҕин:
                  Чачыргыы-чачыргыы тарҕанан эрэргин
                  Таарыйан ааһаммын, чалбахха тэпсэрим.

                  Хайаны тобулар, байҕалтан чоройор
                  Күл-буруо үөлэскин күөн тутта барыма —
                  Ыарыһах этигэр ымынах кэриэтэ,
                  Ыксары ыктахха умуллан хаалаҕын.
                  Эн ааспыт хонуугар ыыс сыта тунуйар,
                  Эн ааспыт тыаларгар күл-көмөр бурҕайар,
                  Эн сырыыҥ кэнниттэн биир чыычаах ыллаабат,
                  Эн сырыыҥ кэнниттэн биир ача тыллыбат.
                  Мин сиргэ-дойдуга уйгуну халытан,
                  Кураайы хонууну күөҕүнэн долгутан,
                  Эйигин — Ад уотун далайга тумнаран,
                  Ньирилээн ааһабын айхаллаах суолунан! —
                  Инньэ диэт, күөллэри күөннэрин күллэрдэ,
                  Өрүскэ үлүскэн сүүрүгү мөхтөрдө,
                  Муораҕа будулҕан долгуну туруорда,
                  Байҕалга баргыһар бааллары хамсатта!
                  Күрүлээн-харылаан, күүһүрэн-уоҕуран,
                  Уорданан-абаран, Уот диэки халыйда,
                  Сабыта тэбистэ, долгуҥҥа бүрүйдэ,
                  Өстөөҕүн өһөрдө, дириҥҥэ тимиртэ!..

                                                                       51
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56