Page 50 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 50

Ааҕыы, сэһэргэһии

                                      УУ УОННА УОТ
                       Уу уонна уот көрсүһэ түспүттэр.
                       Көрсүһээт этиһэн имиппиттэр.

                                            Уу:
                       — Хара төрүөхпүттэн хаан өстөөҕүм,
                       Хата дьэ, түбэстиҥ, хара түөкүн!
                       Сип-сибилигин умуруоруом,
                       Сип-сибилигин суох оҥоруом!
                                           Уот:
                       — Өстөөҕүҥ күүһүн өйдөөбөт эрэн
                       Өлөрсө сылдьар, үрүйэчээн үөдэн!
                       Өлөрсөр күммэр үлүгэрдээх күүспүн
                       Үчүгэйдик өйдөтөн өһөххүн куурдуум:
                       Киҥкиниир-лиҥкиниир киэҥ халлаан уорҕатын
                       Көхсүтүн хаанын сардырҕас кыыма,
                       Сүүс үллэр этиҥ сатыылыыр сатата
                       Уот курбуу чаҕылҕан бу бэйэм буолабын!
                       Чаҥырҕас дьаҕылым, дабыдал даллатан,
                       Тайааран-тайааран таһаатын кэмнээбэт
                       Дьарҕаалаах-силиктээх тайалҕан тайҕатын
                       Куугунаан-сирилээн, куһууран-иһиирэн,
                       Куйаарга көтүтэр, төлөҥҥө бүрүйэр,
                       Көрөртөн түргэнник күл-көмөр оҥорор
                       Уот кутаа оргуонай бу бэйэм буолабын!

                       Очуостаах, сыбар таас хаардаах муус хайаны
                       Оонньооммун сүргэйбит, оройун тобулбут,
                       Эн муораҥ, байҕалыҥ дьуоҕалаах дириҥин
                       Анныттан аһаммын, өрүтэ силэйэн,
                       Оргуйар таас арыы үөлэспин оҥостон,
                       Үрүҥ күн анныгар буруобун унаарпыт
                       Уот төлөн булкаанай мин бэйэм буолабын!

                       Илбиспин киллэрэн, иһиирэ-иһиирэ
                       Иирбиттии эккирээн, силлиэрэн турдум да,
                       Кынаттаах барыта кыйаарга кыйданар,
                       Атахтаах барыта айманар, дьулайар,
                       Лапчааннаах даҕаны дириҥи былдьаһар!

              50
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55