Page 47 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 47
ПЁТР НИКОЛАЕВИЧ ТОБУРУОКАП
(1917—2001)
Пётр Николаевич киһи быһыыты-
нан эмиэ бэйэтин поэзиятын кытта —
биир кэлим. Кини оҕону кытта — оҕо,
оҕонньору кытта — оҕонньор. Оҕо-
лор тус тарынан олус сылаас, истиҥ
элбэх хоһооннордоох, бэйиэмэлэр-
дээх. Айым ньылара оҕолор сүрэхтэрин
адьас көрбүтүнэн киирэллэр — онно
бэйэтэ оҕолордоо ҕо, сиэннэрдээҕэ,
түөрт уонча сыл учууталлаабыта эрэ
оруолу оонньуур буолбатахтар. Кини
бэйиэт уонна психолог быһыытынан
киһилии ис дьиҥэ, оҕону туспа тутан,
арааран көрбөккө, киниэхэ син биир
улахан киһи кэриэтэ, оҕоҕо киһи эрдэтээҥҥи эрэ кэмин
быһыытынан сыһыаннаһарыттан тутулуктаах быһыылаах.
Ааҕыы, ырытыы
ИККИ САХА КЭПСЭТЭЛЛЭР
Тоҕус уоннаах эһэтигэр
Толя кэпсээн чэмэлийэр:
— Якутскайга тиийэн кэлбит
«Ту-104» самолёппут!
Сүүс көһү чааска көтөр,
Сүүрбэ тоннаны көтөҕөр!
Эһэ киһи итэҕэйбэт,
Эт мэйиитэ иҥэрбэт:
— Ээ, чыычааҕым, кумааҕыны
Эн этимэ даҕаны!
Ол-бу омун дойҕоҕу
Оройдообот оҕонньорбун!
Абаккатыан, эһэтэ
Адьас итэҕэйбэтэ!
— Көрүүй, аны ыйга да
Көтөргө кыах баар үһү,
47