Page 42 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 42
таптыыр. — Кулуба инньэ диэт, сэргэґэ турар суруксутун іт-
тµккэ аста. Суруксут кулуба±а бэрт буолан, кµлээри айа±ын
атыахча буолан иґэн, ойуун диэки кірііт, тугу да истибэтэ±э
буолла. Ордьонумаан ымыр да гыммата, холкутук «топ» гына
силлээтэ, маадьа±ар ата±ын тумсунан хаары хаґыйа тэптэ.
— Кулуба тойон, баайыІ баппакка µрµІ кімµс манньыа-
тынан ыґыахтана оонньуугун дуу?
Хаарга, кулуба иннигэр ірµіллээх µрµІ кімµс манньыат кыл-
байа сытар. Сиэбигэр манньыаты уктубата±а эбээт… Хай дах
мµччµ тµґэрдэ±эй… Кулуба манньыаты дьиктиргии одууласта,
ылыан дуу, ылымыан дуу саараІнаата. Мунаах суох, µрµІ
кімµс манньыат! ТіІкійін, манньыаты харбаан ылла. Јйдіін
кірбµтэ, киґи кµµгэннээх силэ умньаммыт кімµрµі хаа рын
тоо рохойун тутан турар эбит. Чабыр±айын тымыра кэйиэлээ-
тэ, тарбахтара ыалдьыар диэри сутуругун ыга суулаата, ойууну
охсуох курдук утары атыллаата. Ойуун ымыттыбакка µп-µрµ-
Іµнэн кинини утары одуулаата. Кулуба икки ата±а сибиниэс
курдук ыараан бардылар. Сапсыйан кэбиґээт, туора хаам-
та. Суруксут таба тыґа µтµлµгµнэн муннун сууралаамахтаата.
Ойуун туох да буолбата±ын курдук, тэйэ хааман маадьаІ-
наата. Кµлсэ-кµлсэ хатыыскалыы сылдьар уолаттарга, кыргыт-
тарга тиийэн тохтоото. Ыччаттар им-дьим бардылар. Кулуба
ылгын кыыґа Кімµс, кинилэр аймах кыр істііхтірі турарын
кірііт, курус гынна, чараас уоґа µмµрµІнээтэ. УІан ыалдьар
буолуо±уттан ыла, туохтан эрэ санаата табыллыбата±ына
уоґа итинник µмµрµІнµµр. Ойууну іґµіннээхтик кынчарыйаат,
а±атын диэки эргилиннэ. А±ата суруксукка тугу эрэ ыгым-
нык кэпсиир, кинилэргэ кинээс уонна чаччыына хол бостулар.
А±ата суостаах кырдьа±ас диэки эрчимнээхтик хааман бірі
саІыйа±а намылыІнаата. Кэнниттэн кинээс уонна чаччыына,
суруксут бадыаІкаластылар. Кулуба уордайбыт, эр хаанын
ылыммыт сирэйдээх. ОйууІІа ыга кэлээт, кулгаа±ар тугу эрэ
сибигинэйдэ. «КірдірµіІ суо±а да…» — диэн тыллары эрэ
Кімµс истэн хаалла. Ойуун сирэйэ таас курдук. ХоІоруутун
тарбанна. Тугу эрэ сібµлээбэтэ±инэ итинник хоІоруутун тар-
банар кэмэлдьилээх µґµ. «Манна мин кыттыгаґым суох», —
диэбиттии кинээс буруйдаахтык мичээрдиир, тігµрµк сирэ йэ
мэлээриІниир. Ойуун хара±ар быра±ыллымаары чаччыына
сыл быр±атык кинээс кэтит кіхсµн кэннигэр саста, мэктиэтигэр
куччуу сатыыр курдук буолла. Суруксут ойууІІа кырыытынан
эргиллэн, кµіл уІуоргу кытылын одууласпыта буолар.
42