Page 37 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 37

холорук ньирилээн кэлбит уонна, хотон түннүгүнэн күүгүнээн
         киирээт,  аанынан  ытыллан  тахсыбыта  үһү  диэн  сибигинэһэн
         кэпсэтэллэрэ.  Сорохтор  кэпсээннэрэ  өссө  ордук  омуннааҕа.
         Улуу  добдурҕа  саҕана,  соҕотох  харахтаах  буур  таба  Тойон
         Киһи  алааһын  быһа  сүүрэн  тахсан,  бүтэҥитик  этэ-этэ,  үрүҥ
         дьиэни тула сүүрбүт уонна муоһунан хотон түөрт муннугун сүр-
         гэйтээбит. Ол нөҥүө сылыгар кинээс сүөһүтэ дьаҥнаан, имири
         эстэ сыспыт…
                                         2

            Ийэлэрэ көхсө холбойон, төҥкөччү туттан тахсан барбытын
         хап-харанан  одуулаан  эрэ  хааллылар.  Кини  ааны  «лип»  гына
         кытаанахтык  сабан  баран,  тугунан  эрэ  баттатар  тыаһа  куучу-
         гураата-хаачыгыраата, онтон салааскатын соһон кыыкырдатта,
         атаҕын тыаһа чуучугураан ырааттар ыраатта…
            — Хобоос,  аны  харах  симсэ  оонньуох!  —  Хабырыыс-Хобо-
         роос  хоруй  күүппэккэ,  ийэтин  лабах  курдук  кирдээх  былаа-
         тынан  хараҕын  саба  бааммытынан  барда.  Ийэлэрэ  тиэтэйэн
         былаа тын  бэргэһэтин  иһинэн  баанарын,  таһыччы  умнан  кэ-
         бистэҕэ.
            — Хабыас, мэ, мэ, мээх! Тут! Сырбас кыыһа сыыһа хаптар-
         дыым!  Ээйиис,  сатана  уола  салгыны  куустаа!  —  Хобороос-
         Хабырыыс  ытыһын  «тэс»  гына  охсо-охсо  сурдьуттан  куотан
         сырбаҥалыыр. Уол, эр киһитэ өтөн, сыыһа-халты харбаталаан
         ыксатта,  кыыс,  уһун  баттахтаах  удьуора  өтөн,  албынныырга
         быһаарынна, оһох чанчыгар кирийэн турда. Хабыас атахтарын
         аччаччы үктээн, илиилэрин быластаан турбахтаата, бу хомур-
         дуоһуҥ  баара  эдьиийин  атаҕын  тыаһын,  тыынарын  иһиллии
         сатыыр, анарааҥҥыта кинитээҕэр ордук хомурдуос диэтэҕиҥ,
         төрүт, ылы-чып. Уолчаан албыннык ыйытта:
            — Хобоос,  орон  анныгар  киирдиҥ  дуу?  Сэрэн  эрэ,  хоохуй
         атаххыттан харбыа ээ…
            Хобоос  сыгынньах  атаҕын  төбөтүнэн  үктэнэн,  үөмэн  сыб-
         дыйан  кэлэн  сурдьун  кэтэҕиттэн  саннын  хараҕар  тиийэ  син-
         ньигэс  кутурук  курдук  субуруйа  сылдьар  көҕүлүттэн  ыарыы-
         лаах тык тарта.
            — Хоохуй бу баар! Көҕүллээх! Көҕүллээх!
            Таҥалайын  таҥсына-таҥсына  күлэн  быычыгыраата.  Уол-
         чаан  абаран,  харса  суох  уҥа-хаҥас  харбыалаата,  долбуурга
         ууруллубут  үүттээх  кытыйаны  тоҕо  аста.  Иккиэн  улаханнык
         соһуйдулар,  хата,  мөҥүөхтээх  киһилэрэ  —  ийэлэрэ  суох  буо-
         лан кыһаллыбатылар.

                                                                       37
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42