Page 41 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 41
Пахай Балбаара диэн сµрдээх сииґит-одууґут дьахтар баар.
Ол обургу тылын ханна гыныай, Ордьонумаан ойуун ата±а
маа дьа±арын, сирэйэ харатын сиилээбит-хоґулаабыт. Саха
алаастарыгар ким тугу диэбитэ сэлиик ат тµргэн айаныныы
алаастары тилийэ сµµрэр идэлээх. Кырдьа±ас ойуун, кинини
хоґулуур сура±ы истээт, иІиэттэн кэбиспит.
— Бэйи, сииґит бытааґах, бэлэґин тарбанан эрдин. Сотору
мин хара сирэйбиттэн кµнэ тахсар буолуо…
Ол сааґыгар Пахай Балбаара Ордьонумаан о±онньорго ха-
рааччы иирэн хаалбыт. Ыалларга кыыра барда±ына кэннит-
тэн батыґан тиийэр идэлэммит. Кэргэнин, мааны о±онньору,
саакка киллэрэр буолбут. Чаччыына иґит арыгы туруоран,
кірдіґін-ааттаґан, ойуун абын іґµлтэрбит. Пахай Балбаара
Ордьонумаан ойууІІа иирэ сылдьыбытын билигин кубарыччы
мэлдьэґэр. «Ордьонумаан ойуун кыырара µчµгэйэ бэрдин
иґин хаста да баран кірбµттээ±им, дьон ба±айылар ону кµµр-
кэтэн, оІорон кэпсээн µллэІнэтэллэр», — диир. Ба±ар, буо-
луо… Ордьонумаан ойуун дьон хара±ын баайарын туґунан
араас кэпсээн эмиэ µллэІнэс. Дьон кэпсээнэ омуннаа±а,
дэмнээ±э ханна барыай? Ол эрээри…
Тойон Киґи Ордьонумаан ойууІІа утары хааман тиийдэ.
Хоонньуттан иґит аІаара арыгыны кылбачытан таґаарда.
— Кырдьа±аас, бі±µірбµтµІ буолуо, ириэІ дуо?
— Мин ириэхпин ба±ардахпына атыннык ирээччибин… —
Ордьонумаан ойуун кулуба±а кіхсµнэн тµірэ эргилиннэ, чиІ-
чиІник µктэтэлээн, сис туттубутун кубулуппакка, µтµмэх µтэ
сылдьар дьон диэки маадьаІнаата. Кулуба киэІ-киэІник
атыл латалаан ситэ баттаата.
— Кырдьа±аас, муІха тахсара билигин да хойгур. Таах
тэпсэІнэґэ туруохпутунаа±ар кіргµн кірдірін саатат.
Кулуба кірдіґір буолбатах, соруйар быґыынан саІарбы-
тыгар ойуун тохтоото, кулубаны тыбыс-тымныынан, µп-µрµІµ-
нэн одуулаата, анарааІІыта уоттаах, эрилкэй хара±ынан ки-
нини утары кірді. Чочумча ітірµтэ кірсін турбахтаатылар.
Кулуба тібіті ыараан, мэйиитэ чуІкунаан барда, хара±ын
халтарытта. Ойуун сонньуйда. «Ээ, эн бэйэлээх да буолларгын
миигиттэн толлоохтуур эбиккин» дии санаата±а.
— Кулуба тойон, мин манна чоло±ор уол курдук дьону кµл-
лэрэ кэлбэтэ±им…
— Ойууннар барыгыт итинниккит. Сырдыкка хомуґуІІутун
кірдірµіххµтµн куттана±ыт. ХараІа±а, умуллубут оґох иннигэр
эрэ дьон хара±ын баайа±ыт. Хайыай… Тµікµн эмиэ хараІаны
41