Page 38 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 38
— Күнүс аччыктаатахпытына тугу иһэбит? — Кыыс, аҕа киһи
быһыытынан, инникини санаан курутуйбуттуу, саҥа аллайда.
Курутуйумуна, баар-суох эрэнэр эрэ астара — кытыйалаах үүт-
тэрэ этэ.
— Ээс, биир күнүс аһаабатахпытына, туох буолар үһүбүөт.
Киэһэ хааһылаан барылатыахпыт! — Уол, эр киһи киэбинэн,
эдьиийин санаатын көтөхтө. Балаҕан буор муостатын оҥхойу-
гар баһыллыбыт үүтү иккиэн умса түһэ сытан сыпсырыйдылар.
Астынан, уостарын харыларынан туора соттоот, күлэн чачы-
гырастылар. Уолчаан топпутун биллэрэн, иһин өтөтөн баран,
икки сутуругунан охсуммахтаата. Аны уллуҥаҕа тэстибит ынах
олооччуларын орон анныттан ороон таһааран, оҕус гынан хар-
сыһыннара оонньоотулар.
— Муос тиис! Таас тиис!
— Мин оҕуһум Быһах муос кыайда!
— Акаарыллай диэ бар! Мин оҕуһум Бытантай эйиэнин
оһоҕоһун ороото!
— Холоон ини! Били эн эттэххинэ! Мин оҕуһум обургу эн
аччайа сытыйбыт муостаах оҕускун ас гыныа дуо?
Улахан мөккүөр күөдьүйдэ. Хабыас ыгым муҥнаах ойон ту-
раат, хаппыт олооччунан эдьиийин сискэ мииннэрдэ. Хобоос
часкыйа түһээт, сурдьа куртуйах кутуругар майгылыыр көҕү-
лүттэн харбаата, кыбдьыгырыы-кыбдьыгырыы тардыалаата.
Эр киһи да буоллар, ыарыытыттан сирэйин ханньары тутунна.
Кистээбэккэ эттэххэ, ыарыытынааҕар абакката ордук күүстээх.
Сатана кыыһа, куруук кини көҕүлүттэн тардыалыыр буоллаҕа.
Бэйи, ситистэххэ табыллар. Ньыкыйа түһээт, кэтэҕинэн эдьии-
йин сирэйгэ аста. Кыыс итини олох даҕаны күүппэтэх буолан,
тас иэнинэн барда. Соһуччута бэрдиттэн ытыан дуу, часкы-
йыан дуу быһаарыммакка сыппахтаата, дьиҥэр, туга да ула-
ханнык ыалдьыбата. Ол эрээри маннык түбэлтэҕэ хайаан да
ытаатахха сатанарын өйдүү түһээт, сарылыы сатаата да, дьэ
дьикти, айаҕыттан туох да дорҕоон тахсыбата, хата, ол онну-
гар иһин түгэҕэр ким эрэ синньигэс куолаһынан сарылаата.
Куттанан, иһин түгэҕин харбанаат, Хобоос олоро түстэ, оттон
сурдьа дьиктиргээбиттии эргим-ургум көрүтэлээтэ:
— Хобоос, истэҕин дуо?.. Орон анныгар…
Сурдьа кинини, өһөс борооскуга дылы, төбөтүнэн сирэйгэ
кэйэн атаҕастаабытын буруйга ылымматаҕын көрөн, Хобоос
абарда, уолу куттуон баҕарда уонна эмиэ сарылаата. Иһин
түгэҕэр эмиэ синньигэс саҥа иһилиннэ. Хабыас киэҥ хараҕа
38