Page 33 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 33
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Бу арамаан строфатын кээмэйин, рифматын тутуһан, тал-
быт тиэмэҕитигэр кэрчик хоһоону айарга холонуҥ.
Ааҕыы, сэһэргэһии
ХАРА КЫТАЛЫК
(арамаан маҥнайгы кинигэтин бастакы түһүмэҕиттэн)
1
Халдьаайы саҕатыгар самналлыбыт туруорбах балаҕан ку-
бу-дьиби туттан турар. Аллараа, эниэ сыыр анныгар, төгүрүк
көлүйэ, тулаайах торбуйах хараҕыныы, курустук оІой-саІай
көрөөхтүүр. Маннык бүрэ, оччугуй буолан айыллыбытын иһин
аан дойду дархан иччитэ кинини хаҕыстык хомуруйбатыгар си-
миктик ааттаһар быһыылаах. Манна, бэл, тыас-уус сэмэйдик,
сэрэхтик иһиллэр. «Дорҕоонноох соҕустук сатараатахпына,
ким эрэ мөҥүө», — диэн кыбыстар, дьаарханар бэйэкэтэ дуу?..
Маннык кыра алааска хайаан да кыра-хара дьон сыыгы-
наан олороллоро буолуохтаах. Көрбөккүн дуо, бэл, оһохторун
буруота, «кими эрэ кыыһырдыбатарбын ханнык» диэбиттии,
бэркэ сэрэнэн унаарыйаахтыыр. Манна Хараанай диэн тулаа-
йах эмээхсин ыал суоҕар ыал буолан олороохтуур. Кини хас
саастааҕын ким да билбэт, эмээхсин бэйэтэ да сааһын ааҕан
эрэйдэнэ барбат. Хаһан эрэ халыҥ хаар дьыл төрөөбүтэ үһү,
ол дьыл сайыныгар уу сут буолбут. Саха сиригэр халыҥ хаар-
даах кыһыннар, уу сут сайыннар элбэхтэр эбээт… Эмээхсин
эрэйдээх хаһааҥҥыттан тулаайахсыйбытын үгүстэр өйдөөбөт-
төр. Кинилэр билэллэринэн Хараанай эмээхсин өрүү соҕотох.
Ол иһин да буолуо, киһилии аатын умнан, үксүгэр «Тулаайах»
диэн ааттыыллар. «Ээ, ол тулаайах эрэйдээх», «били тулаа-
йах сордоох» диэн биир эмэ мунньахтарга, ыраахтааҕы суолун
төлүүр сахсаан буоллаҕына, хам-түм ахтан аһараллар. Күрэх
муҥхатыгар арыт элбэх собо кэллэҕинэ, муҥхалаах муҥур
баһылык айыыта киирдэҕинэ: «Ити тулаайахха биир сүүр ба-
лыгы ордук өлүүлээн биэриҥ!» — диэн көбдьүөрэр. Бу «Сыма-
лаах» диэн ахтыйбыт балык сытынан аҥкыйар ааттаах түҥкэ-
тэх нэһилиэккэ «Сыыгыныыр» диэн саамай эстибит-быстыбыт
33