Page 36 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 36

тайан олороллор. Ылгын кыыһа, сириксэнэ бэрт буолан, сүүр-
             бэччэтин  ааһыар  диэри  эргэ  тахсыбакка  дьиэтигэр  олорор.
             Кулубалаах сэттэ төгүл уол оҕоломмуттара, олортон алталара
             уончаларыгар  тиийбэккэ,  араас  дьаҥҥа  ыалдьаннар  таҥара-
             лаабыттара.  Сэттис  уол  оҕото  төрөөтүн  кытта,  хотон  кэтэҕи -
             риин  түннүгүнэн  таһааран,  кулуба  бэйэтинэн  ким  да  билбэ-
             тинэн,  тулаайах  Хараанай  эмээхсиҥҥэ  илдьэн  биэрбитэ.  Ки-
             нилэр  онно  тугу  кэпсэппиттэрин  айбыт  таҥара  эрэ  билэн
             эрдэҕэ. Уолчаа нын иитэрин манньатыгар кулуба сайын орто-
             тугар  биир-икки  хамначчыт  уолаттарын  ыытан,  Хараанай
             эмээх син соҕотох ынаҕын иитэр тыын күрүөтүн отун оҕустаран
             бэрдэрэр. Эмээх син оннугар өссө ыраахтааҕы суолун төлүүр.
                Дьэ онон Хараанай эмээхсин кыыһыгар ханыы уол оҕолом-
             мута.  Абааһыны  муннараары  уолчааны  Хабырыыс-Хобороос
             диэн, оттон кыысчааны Хобороос-Хабырыыс диэн ааттаталаа-
             быта. Бу булугас өйүн көр! Буолумуна, муҥнаах булугас. Аҥала
             абааһыны  тиһэҕэр  тиийэ  харааччы  муннараары,  уолу  кыыс-
             тыы,  кыыһын  уоллуу  таҥыннарар.  Тойон  киһи  уол  оҕолорун
             ааттаах  хомуһуннаах  Ордьонумаан  ойуун  сиэтэлиир  ааттаах.
             Эдэр, дохсун эрдэҕинэ, саҥардыы кинээстии сылдьан, ойууну
             Тойон  Киһи  атаҕастаабыттаах  эбит.  Оччолорго  аатыран  эрэр
             Ордьонумаан  ойуун  биир  үрүҥ  оҕустааҕа  үһү.  Ол  ат  оҕуһун
             кыһыннары-сайыннары миинэр миҥэ, көлүнэр көлө оҥосторо.
             Аллаах  оҕуһун  миинэн  баран  ыалларга  кыыра  барара.  Биир
             сайын таҥара дьиэтин маһын таһыыттан ойуун кыккыраччы ак-
             каастаммыт.  Ол  иһин  урукку  араас  түһээннэргэ  иэһин-күүһүн
             ахсааныгар ойуун тапталлаах оҕуһун эдэр кинээс туттаран ыл-
             быт.  Кинээс  тэлгэһэтигэр  баайыллан  туран,  хаардаах  хоспох
             саҕа  сүүнэ  үрүҥ  оҕус  илин  атаҕынан  буору  хаһа-хаһа,  иччи-
             тин  ыҥырардыы,  иһин  түгэҕиттэн  эҥсэн  сэттээхтик  айаатаа-
             быт  үһү.  Ааттаах  ойуун  үс  түүннээх  күн  тугу  да  аһаабакка,
             сэргэтигэр  көхсүнэн  сыстан,  халлаан  диэки  хантайан  турбут.
             Хараҕыттан  хааннаах  симэһин  субуруйа-субуруйа,  күһүҥҥү
             түүннээҕи  хаһыҥнарга  чаҥкыччы  кырыаран  баран,  араастаан
             суламмыт-кэлэммит, кинээһи кыраабыт, сааммыт. «Мин ытык
             сүөһү  оҥостубут  үрүҥ  оҕуһум  Тойон  Киһи  үөлэһинэн  моой-
             доох  баһа  быган  туран,  өлүү  хара  оҕуһа  буолан  лүҥкүнэччи
             мөҥүрүөҕэ»,  —  диэбит…  Ол  дьааһык  киэһэттэн  ыла,  ойуун
             амырыын  абааһыта  Тойон  Киһи  уол  оҕолорун  эккирэтэ  сыл-
             дьан  сиир  идэлэммит.  Кулуба  халыҥ  элбэх  сүөһүтүн  эмиэ
             ойуун  сиэтэҕэ  диэн  сэрэйэллэр.  Ол  сааннаҕын  үһүс  күнүгэр
             Ордьонумаан  олоҕун  диэкиттэн  Тойон  Киһи  сайылыгар  улуу

              36
   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41