Page 32 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 32
Тыыннаах тыл
Иван Гоголев — лиирик бэйиэт. Ааптар таптал, тыл, айар үлэ-
тин туһунан этиилэрин наардааҥ. Кини бу санааларыгар ханнык
хос дэгэт иһиллэрин ырытыһыҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Арамааҥҥа күн хайатын өйдөбүлэ, саха олоҥхотугар ахтыл-
лар «күн төрүөбүт көмүс хайатын» кытта ситимэ.
2. Арамаан сүрүн дьоруойдара Кэнчээри, Еля олоххо көрүү
лэрэ. Таптал, дьон, үлэ, олох туһунан санаалара.
3. Иван Гоголевы олохтон мэлдьи дьиктини көрдүүр бэйиэт
диэн ааттыыллар. Оннук дьикти кини айымньыларыгар
көстүүтэ.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
САХА ЛИТЕРАТУРАТЫН СААРЫНА
Уйбаан Кындыл саха поэзиятын саҥа жанрдарынан байыппыта.
Ол курдук саха литературатыгар бастакы хоһоонунан суруллубут «Күн
хайата» арамаан ааптара буолбута. Арамаан 7500 устуруокалаах.
Аҥаардас мантан да көрдөххө, бэйиэт элбэх сыратын ылбыт үлэ:
итиччэ үлүгэрдээх элбэх устуруокалары биир халыыптаах, бэрээдэк-
тээх рифманан суруйуу мээнэ бэйиэт сатаабат дьыалата. Төрөөбүт
тылын чахчы ымпыгар-чымпыгар диэри билэр эрэ киһи итинник су-
руйуон сөп. Онон Уйбаан Кындыл хоһоонунан арамаана оччотооҕу
эдэр ыччат олоҕун тыын боппуруостарын көрдөрбүт эрэ буолбатах,
саха тылын баайын, саҥа кыахтарын арыйбыт эмиэ өҥөлөөх.
Н. Н. Тобуруокап
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
1. «Күн хайата» хоһоонунан арамаан тыла, уобарастааһына.
2. «Күн хайата» хоһоонунан арамаан тутула, строфатын кээ
мэйэ, рифматын таҥыыта.
3. Төрөөбүт кыраайын умсугуйан үөрэппит П. Х. Староватов
туһунан иһитиннэриитэ оҥоруҥ.
32