Page 34 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 34

аҕа ууһун элээмэтэ кини буолаахтыыр. «Наар аанньа» диэбит
             курдук,  биэскэ  эрэ  диэри  ахсааны  билэр.  «Оҕонньорум  бо-
             куонньук  таҥаралыы  илигинэ  үс-биэс  сүөһүлэнэ  сылдьыбып-
             пыт»,  —  диэн,  арыт  дьоро  киэһэлэргэ  киэн  туттан  кэпсиир.
             Ол  аата  кини  дьоло-соргута  муҥутаабыт  кэмигэр  уон  биэс
             сүөһүлэнэ  сылдьыбыт  буолуохтаах.  Оччо  үлүгэрдээх  баай-
             дуол  тобоҕо  билигин  кып-кылгас  атахтардаах,  онуоха  төрүт
             дьүөрэтэ  суох  лээһэйбит  төгүрүк  истээх,  киһи  күлүөх  айы-
             лаах  сатала  суох  уһун,  ныкырык  муостаах,  уот  кугас  өҥнөөх
             суос-соҕотох  ынах  баар.  Ол  ынах  кугаһын,  соҕотоҕун  аанньа
             иччитигэр күн курдук көстөр. Күн тахсыаҕыттан киириэр диэ-
             ри  бу  кэри-куру  алааска  биир  ааты  араас  амарах  тылынан
             ахталлар.  «Кыыстара  муҥнаах  ыанньыйаахтаабыт»,  «Кыыста-
             ра  эрэйдээх  кэлээхтээтэ»,  «Кыыстара  тоҕо  баччааҥҥа  диэри
             кэлбэтэ?..»  Ити  «Кыыстара»  диэн  нарыннык  бээгэй  ынаҕын
             эмээхсин  ааттыыр.  Кыыстара  хараҕыттан  куруук  ып-ыраас
             таммах субуруйа тохтор, ол иһин иэдэһин түүтэ мэлдьи сиик-
             тээх. «Баҕайы, мин өлөрбүн түүйэҕин дуо?» — диэн, Хараанай
             эмээхсин  баар-суох  иитээччитин-аһатааччытын  арыт  мөҥөн
             умайыктанар. Мөҥүмүнэ… Мөҥөр, суоһун-суодалын көрдөрөр
             харамайа  бу  эрэ  бээгэй  ынах  буоллаҕа.  Ынах  эрэйдээх  ич-
             читин диэки сүрдээх санньыардык унаарыччы көрөн кэбиһэр,
             оччоҕо эмээхсин киэр хайыһар, ынаҕын хараҕын тулуйан ута-
             ры  көрбөт,  сүрэҕэ  бүтэҥитик  нүөлүйэн  ыалдьар.  Кыыстара
             итинник ытыыр идэлэммитэ хас да сыл буолла. Баҕар, иччи-
             тин  да,  бэйэтин  да  санньыар-курус  олохторуттан  муҥаты йан
             ытаахтыыра  буолуо,  баҕар,  этэргэ  дылы,  тугу  эрэ  куһаҕаны
             биттэнэрэ, түүйэрэ дуу?.. Ол эрээри бу иһийбит балаҕан иһи-
             гэр баччааҥҥа диэри, таҥара көмөтүнэн, туох да иэдээн ааҥ-
             ныы  илик.  Хараанай  соҕотох  кыысчаана  Хобороос-Хабырыыс
             этэҥҥэ  сылдьар.  Ийэтигэр  төрүт  майгылаабат.  Ол  биллэр.
             Кини дьиҥэ, иитиэх кыыс. Ыалы кэрийэ сылдьар эдэрчи дьах-
             тар  биир  сайын  Хараанайга  оттоспута  буолбуттааҕа.  Аҕыйах
             күн  үлэлэһээт,  биирдээх  оҕотун  эмээхсин  балаҕаныгар  хаал-
             ларан  баран,  ууга  тааһы  бырахпыттыы  мэлийбитэ.  Бука,
             атах-балай бардаҕа. Хараанай эмээхсин төрөппүт кыыһа буо-
             ларыгар  Хобороос-Хабырыыс  бигэтик  эрэнэр.  «Бу  дойдуга
             саҥаран  төннөөр»,  —  дэтэн  айыллыбыкка  дылы  олус  чобуо
             барахсан. Быйыл уонун туолла. Бу кыараҕас, бүөрэмньи алаас
             киэлитин кини күлэн чаҥкыныыр, ыллаан чаҕаарыйар саҥата
             арай  сэргэхситэр.  Кинини  кытта  тоҕустаах  хатыҥыр  уолчаан
             бииргэ оонньуур, тэбис-тэҥҥэ сүүрэн-көтөн төбөтө лэкээриҥ-

              34
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39