Page 29 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 29
Нууччалыыбыт куһаҕаннык,
Нууччалыыбыт этиһэргэ,
Кытаанахтык үөхсэргэ…
14
Нуучча тыла модун, улуу.
Билиэх, таптыах тустаахпыт,
Ол эрээри хаан уруу
Тылбытын ахсарбаппыт
Чычаас өйтөн буолаарай?
Төрөөбүт тылбыт муҥнаах
Көйгөтүйдэ быһыылаах…
Сахалыы сатаан арай
Оҕонньоттор, эмээхситтэр
Ыраастык саҥараллар,
Тоҥ соҕустар эдэрдэр,
«Миигин көрүс» диир оннугар
«Встречайдаа» диэн буолар.
15
Кулгааҕа кытараахтаан,
Еля чэйи сыпсырыйа
Умса көрөр. Им-дьим. Сатаан
Кэпсэтиэхтэрэ суох. Даайа
Кыыһы хоско ыҥырда.
Хаартыскалаах альбом, чахчы,
Хаһаайканы абырааччы
Маннык чааска хаһан да.
Хаартыскалар… Араас дьоннор
Мөссүөннэрэ… Ааттара…
Бүгүн бааллар сорохтор,
Сорохтор «квартира»
Ийэ буорга ылбыттара…
16
«Бу — Кэнчээри үстээҕэр,
Туора туппут мас атын.
Оттон бу сэттэлээҕэр…
Сүүнэ киһи! Букварын
Ааҕар уоһун толлотон.
Бу — пионер лааҕырыгар
29