Page 26 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 26
Кыыс баттаҕын тарыырын
Сатыыр, аны сатаатын
Хочо хойуу баттаҕын
Кыраабылынан тарыырын,
Хотуурунан кыргарын.
4
Елятыныын пааркаҕа
Киэһэ кини көрүстэ,
Сарсын ыраах аармыйаҕа
Барар саллаат кэриэтэ
Туттар. Сүрдээх эйэҕэһи,
Сып-сылааһы тапталлааҕар
Сипсийиэҕин баҕарар.
Сэргээбэтилэр эһиэкэйи,
Ордордулар куустуһан
Кытыл устун хаамалларын,
Кэпсэппэккэ, мунчааран
Өр истилэр… «Онон сарсын
Мин колхозка тахсабын…»
5
«Төһө өр?» «Ый аҥаара…»
«Уһунун ньии!..» «Даа…»
«Сэрэн. Чобуолар тыа кыргыттара…»
«Миэхэ бааргын эн эрэ,
Түһээммин эйигинниин
Күүлэйдиэм түүн аайытын».
«Чахчы дуо?» «Андаҕайабын».
«Эн тылгын итэҕэйэбин»,
«Эйигин хас сөкүүндэ,
Мүнүүтэ ахсын суохтуом».
«Чаас ырааппыт…» «Өссө эрдэ».
«Ычча!..» «Сыһын, доҕоччугуом…»
«Мин эйиэнэ эрэ буолуом…»
8
Таптал өссө күүһүрэр
Арахсыһа түһэртэн,
Салгыһар кэм кэлиитигэр
Кини бары эмтэртэн
26