Page 21 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 21
Дорҕоонноохтук хоһуйбаккын
Коммунистическай биригээдэлэри?»
Күүтэ түһүҥ. Мин «Зорький»
Фотоаппарат үһүбүн дуо?
Тоҕо бэйдиэ тиэтэтэҕитий?
Кэм кэлиэ, отон буһуо,
Оччоҕо тононуллуо.
ҮҺҮС ЫРЫА
1
«Мааскалаах кыыс, аһын миигин,
Этиий даа миэхэ ааккын».
«Ол — сэкириэт». «Сэрэйэбин,
Джульеттаҕын». «Эн поэккын».
«Бэйиэт буоллум бүгүн чахчы!»
«Туохтан?» «Бу бал-маскарад…
Музыка… Кэрэ буолбаат?
Өссө күлүүй лыҥкыначчы!»
«Toҕo?» «Көрүөм этэ тииһиҥ
Күүгэннии оргуйарын».
«Оттон мин эн сүрэххин
Көрүөхпүн баҕарабын,
Онно баара буолуо атын…»
2
«Ким даҕаны мин сүрэхпэр
Пропискалана илик, эрэн».
«Уолаттары итэҕэйэр
Уон биэстээх кыысчаан эрэ,
Мин бэлиэр уон аҕыһым».
«Махтанабын. Арыйдыҥ син
Саамай сүрүн сэкириэккин»,
«Уой, кырдьык!.. Алҕаһаатым…»
«Эт…» «Саҥарыам суоҕа аны».
Кэнчээри одуулаһар
Мааска кэппит кыысчааны,
Наскылдьыта вальстыыллар
Кулууп киэҥ саалатыгар.
21