Page 17 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 17

Күүстэринэн биэрэллэрэ
                            Бэйэлэрин өлүүлэрин…
                            Онтон ыла килиэби
                            Ытыктыы үөрэммиппит,
                            Тоттуга суох биһиги
                            Эрдэ сиппит көлүөнэбит,
                            Ааһары да билбиппит.

                                        33
                            Кэнчээрибит онон хайыыр?
                            Үөрэнэр дуу, эбэтэр
                            Үлэлиир дуу? Ким мындыр
                            Сүбэни уолга биэрэр?
                            Тиэтэйбэккэ устууй холку
                            Хоһоонунан арамааным,
                            Ыҥыраммын аҕаллым
                            Аны саҥа дьоруойу.
                            Бу куоракка Кэнчээри
                            Аҕатын доҕоро баар,
                            Райкомҥа түөрт сыл кини
                            Маҥнайгы секретарь,
                            Оннук кэпсиир календарь.

                                        34

                            Семён Кузьмич Кириллин —
                            Бу куорат олохтооҕо,
                            Бэркэ билэр хас киһитин,
                            Манна, бэл, хас кыра оҕо
                            Кинини эмиэ билэр,
                            Элэккэй, хара бараан,
                            Кимиэхэ да кини сатаан
                            Истиҥ тылы булан этэр,
                            Дьон кинилиин тапсаллар,
                            Хотугу хаар-муус сирбэр
                            Үчүгэй да дьоннор бааллар
                            Чөмчүүк курдук кинилэр
                            Күлүмүрдүүр кэриэтэлэр.

                                        38
                            Элбэҕэ бэрт үлэ-хамнас,
                            Тапталга чаас аҕыйах,

                                                                       17
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22