Page 12 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 12
19
Дария Семёновна
Атына суох ийэлэртэн,
Уола Москвалаатаҕына,
Үөрүөх этэ сүрэҕиттэн.
«Киним эрэ киһи буоллун,
Мин иһиэм хара чэйи,
Сиэҕим хара килиэби,
Ыытар буолуом баарбын-суохпун.
Москваҕа киһи аймах
Культуратын сүмэтин
Түмпүттэрэ буолуохтаах,
Дууһатыгар ону мин
Уолчааным иҥэриннин…»
20
Ол эрээри уола хаалан,
Үлэлиэҕин эмиэ да
Баҕарар… Ыарытыган,
Аҥаардастыйан сылайда.
Аҕалара баара буоллар…
Кини өйдөөх сүбэтэ,
Амарах да сэмэтэ
Олус, олус наадалар.
Аҕалаах дьиэ кэргэҥҥэ
Кыаллар бары үлэ-хамнас,
Оттон аҕа өллөҕүнэ,
Кыс мастыырга хардаҕас
Арыт кэмчи буолар адьас…
21
Ойуулуом дуу, Даайа хоһун,
Түннүк герань сибэккитин,
Сылабаар тымныы дуйун,
Көстүрүүлэ килбиэнин?
Кэбис, саха поэзиятыгар
Онто да суох лабаҥха
Кэмчитэ суох… Хаартыска
Эргэ хомуот үөһэ турар.
Отутун ааспыт киһи
Саллаат бороҥ синиэлин,
12