Page 14 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 14
Дьахтар наар көр аргыстаах
Олорбот ээ, быһыыта…
Түөрт уон биир сыл…
Элбэх дьахтар
Ол дьэбин уоспут сылы
Аҕыннахха үөһэ тыынар,
Ол сыл элбэх оспот бааһы
Хаалларбыт сүрэх аайы.
25
Бүгүн элбэх уолаттар
Суохтар көрдөөх ыһыахха,
От охсон куһуйбаттар
Өҥ үүнүүлээх алааска.
Кыргыттар чуҥкуйбуттара
Кинилэри суохтааннар,
Күүтэ сатаан бараннар
Хойутаан сыбаайбалаабыттара.
Огдооболор, тулаайахтар
Харахтарын уулара
Төрүт, төрүт куурбаттар,
Аҕата суох ыччаттара
Тоҥуй буола улааттахтара…
26
Бэс ыйын биир куйаас күнүн
Даайа өйдүүр субу баардыы,
Туох эрэ ыар кини түөһүн
Ыга баттыыр этэ таастыы.
Миитинтэн Сөдүөт кэлээт,
Хос устун хаамыталаабыта,
Чиҥ-чиҥник саҥарбыта
Бөппүрүөскэтин элитээт:
«Улуу сэрии саҕаланна…
Мин сэбиэскэй учууталбын,
Ийэ сирбин аан маҥнай
Мин көмүскүү барыахтаахпын,
Холобур буолуохтаахпын…»
14