Page 16 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 16

Эр сахалар кыргыска
                                Холкуларыгар түһэллэрин,
                                Ыталлара бэргэнин.

                                            30
                                Кэнчээри ону истэн
                                Ордугургуур. Походка
                                Түһээн хаамар саа сүгэн,
                                Тыаллаахха, ардахтаахха.
                                Гастеллолыы сымыһаҕын
                                Өһөстүк хам ытырар,
                                Үөр өстөөххө салайар
                                Кыһыл төлөн кууспут аалын.
                                Сүүрбэ аҕыс эр бэрдинии,
                                Түһэр танка анныгар,
                                Харбаан туоруур Днепри.
                                Пулемёту ардыгар
                                Түөһүнэн бүөлээн, сууллар…

                                            31

                                Олох атын мэлдьитин
                                Кэнэн баҕа санааттан,
                                Кэнчээри мас бэстилиэтин
                                Бырахпыта ыраатта.
                                Ол эрээри үтүө аакка
                                Тиксэ илик билигин да,
                                Хата, турар сарсыарда
                                Балыйсыылаах уочаракка.
                                Мин өйбөр өрүүтүн баар
                                Килиэп кэмчи хаартыската,
                                Кыраамынан ыйанар
                                Хара килиэп сылаас сыта,
                                Минньигэс хоруоската.

                                            32
                                Ийэ күндү куһуоктары
                                Өлүү-өлүү бысталыыра,
                                Кыһаннар да оҕо аайы
                                Тиийээхтээбэт буолара.
                                Матарара бэйэтин,
                                Ону көрөн, кэргэттэрэ

              16
   11   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21