Page 18 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 18
Пленум, бюро, араас
Лекция, сүбэ мунньах…
Оройуон күүрэр-түллэр
Түбүгэ, кыһалҕата,
Өйдүүр өйө барыта
Санныгар сүктэриллэр.
Араас саҥа тутуулар,
Араас дьоннор дьылҕалара…
Барыларын туһугар
Эппиэттиир ээ, күн тура
Райком секретара.
39
Үлэ-хамнас, биллэн турар,
Тапталы мэһэйдээбэт,
Кини кэргэн ылбатыгар
Дьоһун төрүөт баар эбээт.
Ол — сэкириэт… Ону мин
Өтөр кистээн кэпсиэҕим,
Ромаммын салҕаан иһиим
Аралдьыйбакка билигин.
Семён Кузьмич оҕо сааһын
Доҕорун кэргэнигэр
Киирэн тахсар күн аайытын.
Ону-маны сэлэһэр,
Арыт бииргэ чэй исиһэр.
40
Сайыҥҥы күн киирэн эрэр,
Халааннаабыт өрүс уута
Сымнаҕастык тэтэрэр.
Бэһиэлэй кутаа уота
Түллэҥниир тэтимнээхтик,
Оргуйан барда аллаах
Тордоҕурбут солуурчах.
Муннуга минньигэстик
Сабыта охсор буруо,
Өтөр талах үтэһэҕэ
Үөлүллүбүт эт да буһуо,
Кумааҕыга тэлгэниэҕэ,
Луук сиэрин ситэриэҕэ.
18