Page 13 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 13
Кааска кэтэн түспүт… Кини
Суохтаабыт курдук дьиэтин,
Таптыыр иллээх кэргэнин.
22
«Сөдүөт, Сөдүөт, уолчааныҥ
Сүүнэ киһи билигин,
Ситии-хотуу аттестатын
Ылла, үөрэр инигин?
Күүтэриҥ бу киэһэни,
Ыалдьыттары ыҥыртаан,
Көтөҕүөҥ этэ бастаан
Хаһаайынныы үрүүмкэни.
Тыйыс эбит аналыҥ,
Быһаҕас эбит дьолуҥ,
Аҕа түс-бас тапталын
Билбэккэ үүннэ уолуҥ,
Тулаайаҕыҥ, соҕотоҕуҥ…
23
Эн оҕоҕун аччыктатан
Эйигин хомоппотум,
Бу чараас санныбынан
Бары ыары уйбутум.
Киһи гынным уолгун мин,
Хайдах киэн туттуом суоҕай?
Бырастыы гын, мин арай
Кыратык илиһинним.
Көр эрэ, хайа сахха
Күрэҥсийбит баттаҕым,
Биирдэ эмэ иллэҥ чааска
Чуҥкуйарбын таайаҥҥын
Имэрийбэт буоллаҕыҥ…»
24
Даайа ыраас хараҕыттан
Уу-хаар баста. Кини номнуо
Түөрт уонун ааһаат, кырдьан,
Уйан буола оҕуста дуо?
Хайыай, кэргэн аһыыта…
Син ханна да тулаайах
13