Page 10 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 10
Директор Кэнчээрини
«Москвалаа», — диэн хаайда.
Университет… Москва…
Эдэр түөһү төлөннүрдэр
Бу икки тыл алыба,
Москваҕа үөрэнэр
Чиэс дьоллооххо эрэ тиксэр.
14
Уолчаан тута сөбүлэһиэҕин
Ийэтиттэн тардыстар,
Ийэ күүтэр иитэрин,
Иэһи төлүүр уолдьаста.
Күрэҥсийбит баттахтаах…
Уолчаана да бу туһугар
Буруйдааҕа буолуо, баҕар,
…Өссө сүрэх ыарыһах,
Үлэтиттэн арыт кэлэн,
Сытан хаалар оронугар,
Ыардык тыынар бөтүөхтээн,
Буруйдаахтык сонньуйар,
Үҥсэргээбэт.
15
Кистии сатыыр ыалдьарын,
Ким билбэтий ийэлэр
Эриэккэс албастарын,
Оҕолоруттан кистииллэр
Эрэйдэрин, харах уутун,
Кыһалҕаны билбэт нарын
Сүрэҕи бааһырдыахтарын
Баҕарбаттар куруутун.
Оҕолоро аһааҕыран,
Ыарыйдаҕына аһынаннар
Түүн ытыыллар… Аалларан
Бэйэлэрэ ыалдьаахтыыллар,
Онтон төрүт кыһамматтар.
16
Ийэлэрбит туһугар
Кыралаан бэйэмсэхпит,
10