Page 6 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 6
Ыллыктар суол буолаллар,
Алтан оттоох суоллар тэргэн
Аартык буолан тигинииллэр,
Сорох булар дьол муоратын,
Күөл уҥуор сорох бүтэр…
Суоллар… Суоллар… Хайаларын
Эдэр уолчаан, талаҕын?
3
Бүлүү куорат чуумпу, кыра,
Таас храмнар туналыспаттар,
Саас самыыртан хараара
Сытыйаллар соппулуоттар.
Манна арай биир кирпииччэ
Дьиэ баар — ити раймаг,
Муоста нөҥүө — этажтаах
Кырдьаҕас педучилище
Көстөр чагда саҕатыгар,
Баар щи сыттаах остолобуой.
4
Баар кулууп, бэстээх паарка,
Баһаарга эт дэлэй күнүс,
Сыыр анныгар сылайбакка
Устар чай таастаах өрүс.
Пароход нэстик сыылар,
Сатабыллаах хаһаайын
Мотуорката тыаһыыр сайын,
Сөтүөһүт дьон күлэр-салар.
Бу куоракка сурах-садьык
Чаҕылҕанныы тарҕанар,
Тумуу киирэр кыратык,
Сэргэх ыалыҥ сарсыныгар
Кэпсии охсуо атаһыгар.
5
Этиэххэ сөп эҕэлээхтик:
«Этэрбэс араадьыйата
Үлэлиир үчүгэйдик…»
Түксү! Хобу ырыта
Күнүн барыыр ааргы арай…
6