Page 3 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 3

ИВАН МИХАЙЛОВИЧ ГОГОЛЕВ—КЫНДЫЛ
                                  (1930—1998)

                                                   «…Кэнэҕэс доҕотторуом,
                                                  Үөрэр-көтөр күҥҥэ арыт
                                                      Эһиги мин боростуой
                                                  Ааппын ахтан аһараарыҥ
                                                  Таптыыр сахам тылынан»
                                                               Иван Гоголев
            Саха  Өрөспүүбүлүкэтин  норуоду-
         най  бэйиэтэ,  Саха  АССР  ускуустуба-
         ларын  үтүө лээх  диэйэтэлэ,  Россий-
         скай Федерация култууратын үтүөлээх
         үлэһитэ  Иван  Михайлович  Гоголев
         1930 сыллаахха тохсунньу 18 күнүгэр
         Бүлүү  куоратыгар  сулууспалаах  кэр-
         гэнигэр  төрөө бү тэ.  1954  сыллаахха
         А. М. Горькай  аатынан  Литературнай
         институту бү тэрбитэ.
            Иван  Гоголев  эдэр  саа һыгар  поэ-
         зияҕа  дөбөҥнүк  уонна  ситиһиилээх-
         тик  киирбитэ.  1952  сыллаахха  бэ-
         йиэт  «Ыҥырар  уоттар»  диэн  бастакы
         хомуурунньуга  тахсыбыта.  Кини  хара  маҥнайгыттан  киэҥ
         билиилээх-көрүүлээх,  олоҕу  туспатык  көрөр,  сонун,  дьикти
         куоластаах  ырыаһыт  быһыытынан  биллэн  барбыта.  Бэйиэт
         эпическэй жанрдарга ылсан үлэлэспитэ: «Туох тан да күндү»,
         «Ленин  хайатыгар»,  «Дорообо,  олох!»,  «Чуумпу  акыйааҥҥа»
         диэн  бэйиэмэлэри,  «Күн  хайата»  (1962  с.)  диэн  хо һоонунан
         арамааны суруйталаабыта.
            Иван  Гоголев  —  биллиилээх  бөдөҥ  прозаик  уонна  дра-
         матург.  «Хара  кыталык»,  «Иэйэхсити  кэлэтии»,  «Үһүс  харах»
         диэн  арамааннарыгар,  «Кыталыктар  кырдаллара»,  «Өлүөнэ
         сарсыардата»,  «Наара  суох»,  онтон  да  атын  драматическай
         айымньыларыгар уонна сэһэннэригэр норуот устуоруйатын со-
         нун өттүттэн арыйан көрдөрбүтэ. Бу айымньыларын, фольклор
         матыыбын дьиҥнээх олоҕу кытта дьүөрэлээн кимиэхэ да маа-
         рыннаабаттык, умнуллубаттык суруйталаабыта. Литератураны
         чинчийээччилэр  Иван  Гоголевы  поэзия  ис  хоһоонугар,  фор-
         матыгар  уонна  уобарастааһын  кэккэтигэр  саҥаны  киллэрбит
         новатор-бэйиэт  быһыытынан  билинэллэр.  Сүүрбэттэн  тахса
         дыраамата  өрөспүүбүлүкэ  тыйаатырдарыгар  туруоруллубут-


                                                                       3
   1   2   3   4   5   6   7   8