Page 7 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 7

История бу куораты
                            Тумнубатах букатын,
                            Манна былыр Чернышевскай
                            Прометейдыы муҥнаммыт,
                            Дьон ааттыыллар истиҥник:
                            «Биһиги Ньукуолабыт…»
                            Кытыл үөһэ им-дьимник
                            Турар туой пааматынньык.

                                         6

                            Аҕыраада иһигэр
                            Тунал маҥан обелиск баар,
                            Бырааттыы иин үрдүгэр
                            Кыһыл сулус умайар.
                            Уон сэттэ комсомолеһы
                            Хаһан эрэ бандьыыттар
                            Хара тыаҕа кыргыбыттар,
                            Аһаппыттар суору, кыылы.
                            Бар дьон өйдүүр кылаас дуолан
                            Охсуһуута сиргэ баарын,
                            Өйдүүллэр кыа хаанынан
                            Көҥүл атыылаһылларын,
                            Кэриэстииллэр буойуннары.

                                         7
                            Алаасап Кэнчээрилиин
                            Чэ, билигин билсэ охсуох,
                            Эн, мин курдук кини син
                            Ордуга, тутаҕа суох.
                            Баҕар, олус дьиктиргиэҥ:
                            «Кэнчээри… Туох муода аатай?
                            Тоҕо Уйбаан, Баһылай,
                            Мэхээлэ буолбатый?» — диэҥ.
                            Мин бэйэм да сөҕөбүн,
                            Мин бэйэм аатым Уйбаан
                            Сонун ааты сүөргүлүүбүн,
                            Уолчаан аатын иһин бастаан
                            Аҕатын ыар буруйдааҥ.







                                                                       7
   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12