Page 9 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 9
Сэмэлэниэ да суоҕа,
Айдаана суох «таҥаралыа»,
Чугас уруу аһыйыа.
11
Баҕар, кини аатынан
Бу куорат киэн туттуоҕа,
Горсовет сакааһынан
Пааматынньык туруоҕа,
Уол дьиэтигэр тиэтэллик
Мыраамар дуоска саайыллыаҕа,
Олохтоох художник
Сиэҕин тиэрэн, суруйуоҕа:
«Бу дьиэҕэ соргулаах чаас
Төрөөбүтэ чулуу, бастыҥ
Гражданин…» Дьылҕа араас.
Инникитин таҥхалыахпын
Көрбүөччү буолбатахпын.
12
Сэттэтигэр оскуолаҕа
Киирэн, начаас үөрэммитэ
Суруйа, суоттуу, ааҕа.
Октябрёнок, пионер этэ.
Үгүспүт анкетабыт
Майгылыыр ээ, киниэнигэр,
Барыбыт син кэмигэр
Комсомол аатырбыппыт,
Оскуола паартатыттан,
Олох тууһун амсайбакка,
Сиппит киһи курдук туттан,
Сүүрбүппүт институкка,
Мунаарбыппыт зачёкка.
13
Ол үгэс буолбут суолтан
Ханна туоруой кэнэн уолчаан
Орто үөрэх дуомунан
Дьон астыммат олох сайдан.
Өтөр үрдүк үөрэхтээх да
Ыал аайы баар буолар ини…
9