Page 11 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 11
Мөлтөөхтүүллэр, кырдьаахтыыллар,
Ону көрбөт кэриэтэбит.
Буорайан, биир сарсыарда
Турбатахтарына соһуйабыт,
Санныбытын хамсатабыт:
«Күн-дьыл көтөр түргэнник да!..»
Ийэлэр, күн ийэлэр,
Чулуу дьоҥҥут эһиги,
Эһигини сүүс сыл эдэр,
Өлүөр гынар дьикти эми
Хаһан эрэ булбут киһи!..
17
Ыарыһаҕын хаалларан,
Уол үөрэнэ барыа дуо,
Тус бэйэтин дьолун арай
Эккирэтэр бырааптаах дуо?
Суох. Ийэтин хааллардаҕына,
Дьон даҕаны хайгыа суоҕа,
Суобаһа да ыалдьыаҕа,
Хоргутуннарбатын тыыннааҕына…
Уол ийэтин туһунан
Мааҥыыттан кэпсиэх баара,
Үлэлиир учууталынан
Сайаҕас, намчы-кыра
Саха көрсүө дьахтара.
18
Ийэлэр сүрэхтэрэ
Ханна да биир буоллаҕа,
Төрөппүт сэгэрдэрэ
Хайаан да Москваҕа
Үөрэнэ барыах тустаах.
Астык эбээт истэргэ…
Москваттан атын сиргэ
Үөрэнэрэ кыһыылаах…
Ким даҕаны буруйдаабат
Кинилэри бу иһин.
Москва — талыы куорат,
Бэйэм онно иккиһин
Үөрэммит киһи диибин.
11