Page 8 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 8

8
                                Кэрэ ааты көрдөөннөр
                                Ийэлэрбит барахсаттар
                                Төбөлөрүн сынньа, өр
                                Толкуйдуу барбатахтар.
                                Эт, алаадьы сиэн баран,
                                Ааттаабыттар судургутук,
                                Дьон быыһаммыт онон уустук
                                Ааты өйдүүр кыһалҕаттан.
                                Саха бор эбээт аакка
                                Былыргыттан даҕаны,
                                Мин биир орто колхозка
                                Билэбин уон Уйбааны,
                                Тоҕус төрөл Маарыйаны.

                                             9

                                Аатын этээт, билигин,
                                Дьоруойум характерын
                                Атыттары үтүктэммин
                                Кэпсии түһүөх тустаахпын.
                                Характера суох кини…
                                «Туох даа?» — диэххит, соһуйуоххут,
                                Уу иһэ куолулуоххут, —
                                «Ол аата тыыннаах киһи
                                Буолбатах», — диэххит, баҕар…
                                Арыт олус бэһиэлэй,
                                Арыт олус көрсүө буолар,
                                Арыт чобуо, арыт сэмэй,
                                Кимин билэр күчүмэҕэй…

                                            10
                                Биллибэт туох дьоҕурдааҕа,
                                Спорка бастыы илик,
                                Кинигэни таптаан ааҕар,
                                Шахматтыыр үчүгэйдик.
                                Баҕар, үгүс дьон курдук
                                Мэтээл, уордьан ылбакка
                                Кырдьыаҕа бу куоракка
                                Оттооҕор да чуумпутук.
                                Түс-бас аҕа аатырыаҕа,
                                Үлэтигэр хайҕаныа,

               8
   3   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13