Page 4 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 4

тара.  Кини  айымньылара,  нуучча,  атын  да  омук  тылларынан
             тылбаастанан ааҕааччы биһирэбилин ыллылар.
                Иван Михайлович Гоголев — литератураҕа Саха хомсомуолун
             бириэмийэтин аан бастакы лауреата. «Северная звезда» диэн
             Россия Суруйааччыларын сойууһун литературнай бириэмийэ-
             тин  лауреатын  аатын  эмиэ  аан  бастакынан  1997  сыллаахха
             ылбыта.
                «Талаана  сүдүтүнэн  И. М. Гоголевы  Алампа  Софронов  ат-
             тыгар  туруоруохха  сөп.  Иван  Гоголев  —  улуу  бэйиэт,  улуу
             романист,  улуу  драматург.  Иккиэн  генийдэр»,  —  диэн,  СГУ
             бэрэпиэссэрэ  Е. Томскай  сыана  быспыта  уонна  кини  курдук
             дьон  киһи  аймахха  биирдэ  эмэтэ  кэлэн  баралларын  туһунан
             «Саха Пушкина» ыстатыйатыгар бэлиэтээбитэ. Оттон үөрэтэр
             оҕолорун  кытта  Иван  Гоголевы  үгүстүк  көрүһүннэрбит  учуу-
             тал, бэйиэт Василий Босяк кини ураты талааныгар сүгүрүйэн
             маннык суруйбуттаах: «Витаминин…, Иван Гоголев…, Кындыл
             Уйбаан…  Уол  оҕо,  ат  кулун  барахсан,  саадаҕын  үстэ  курда-
             нар  дииллэр.  Витаминин  —  уу  ньулдьаҕай  оҕо  саас,  поэзия
             хонуутугар бастакы хардыылар. Иван Гоголев — саха поэзия-
             тын халлааныгар чаҕылыйа оонньообутунан тахсыбыт Уоттаах
             Сулус.  Уйбаан  Кындыл  —  олох  муудараһын  иҥэриммит  улуу
             бэйиэт, драматург, прозаик уонна бөлүһүөк».
                Саха  улуу  бэйиэтэ  И. М. Гоголев-Кындыл  1998  сыл  сэтин-
             ньи 22 күнүгэр өлбүтэ.




             Ааҕыы, ырытыы

                                       КҮН ХАЙАТА
                                  (хоһоонунан арамаан)

                                Төрөөбүт кыраайын умсугуйан үөрэппит учуутал
                                  П. Х. Староватов сырдык кэриэһигэр аныыбын.
                                                                        Ааптар
                                         ААН ТЫЛ

                                Элбэх дьикти көлүөнэлэр
                                Олорбуттар силлиэрэ,
                                Үйэ күнүн килбиэнигэр
                                Көстөллөр эр сирэйдэрэ.
                                Тураллар киэҥ площадтарга,

               4
   1   2   3   4   5   6   7   8   9