Page 15 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 15
27
Көрдөһүүтүн военкомат
Ылыммыта. Дойду устун
Набаат, набаат, дуолан набаат!.
Норуот уора мэлдьи модун.
Фроҥҥа атаарар түүн…
Куустуһуу… Саататыһыы…
Тиэтэллээхтик уураһыы…
Тиһэх гудок. Дьон бүтүннүү
Дьик гынаат, аймаммыта…
Табаарыстарын быыһыттан
Сөдүөт далбаатаабыта,
Даайа кытыл үөһэ туран
Хаалбыта уолчааныныын.
28
Рейхстаг сууллуоҕуттан
Сайа тыынна үс сайын,
Тыал аҕалбат арҕааттан
Кэҥэрдии, буорах сытын.
Синиэллэрин саллааттар
Өссө уста иликтэр,
Атаакаттан кинилэр
Үнүр кэлбит курдуктар.
Баастарын оспут чэрин
Дьон ытыктыы одуулаһар,
Бойобуой мэтээллэрин
Үрүҥ көмүс лыҥкырыгар
Эдэр ыччат ымсыырар.
29
Эргэ киоск айаҕар
Абыраллаах кыбаас иһэ
Куйаас күн дьон чуоҕуһар,
Уочаракка үтүрүһэ.
Аҕам киһи сэрии уустук
Наукатын туһунан
Сэһэргиир уорастыйан,
Лекция ааҕар курдук,
Кэпсиир мииннээх хочулуокка
Бырах буулдьа түһэрин,
15