Page 20 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 20
Билин туохха дьоҕурдааххын,
Тургут төһө чиэһинэйгин,
Өҥөнөн көр сүрэххин…»
44
Билигин бу арыыга
Хаалларабын дьоруойбун,
Толкуйдаатын чуумпуга
Кини кэлэр олоҕун…
Биир хомуостан миин, хааһы
Баһан сиэн абыраммыт,
Иэс бэрсиһэн салҕаспыт,
Аттестаты ылбыт сааһым
Атастара ханна бааргыт?
Уруккугут курдук туйгун,
Чулуу дуо, аппетиккыт?
Амсайдыгыат олох тууһун,
Таптал мүөтүн, ньулуунун?
45
Мин бэчээт көмөтүнэн
Кэпсии түһүүм олохпун,
Редактор тэбиэһирэн
Ону туора соппотун.
Курустук үөһэ тыынан
Маҥнай кэпсиим сэкириэппин,
Билигин да ыалдьабын мин
Хоһоон айар дьаллыгынан
Курортанан үтүөрүөҕү
Көстүбэт ээ, путёвка,
Тииһигэ ааһар үһү
Кырыйдахха, аатырдахха,
Улаханнык сананнахха…
46
Чэ, сынньаныым. Роман
Маҥнайгы чааһа бэлэм.
Сыыһа, таба сыаналаан,
Үөрдүүй, таптыыр көлүөнэм.
Этиэххит, баҕар, биири:
«Бэйиэт, тоҕо долгуйаҥҥын
20