Page 24 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 24

Хайаан да айыах этэ
                                Бу түүн кини бэйэтин
                                Ыйдаҥатааҕы сонататын…
                                Бу куоракка билигин
                                Киниэхэ бу кыыстан атын
                                Истиҥ киһи суох букатын.

                                            10

                                Минньигэс таптал дьаҥа
                                Сиргэ сүтүө суоҕа куруук,
                                Кини дьэҥкэ симптома
                                Быһаарыллар судургутук:
                                Ыалдьааччы куурар-хатар,
                                Таптыыр буолар лиирикэни,
                                Музыканы, ыйдаҥаны,
                                Кистээн хоһоон суруйар…
                                Үгүстүк бу күүстээх дьаҥтан
                                Хоттороллор эдэрдэр,
                                Кырдьаҕастарга эмиэ сыстан
                                Охторооччу, кинилэр
                                Оччоҕо иэдэйээхтииллэр…

                                            11
                                Кэнчээри дьиктитийдэ,
                                Кубарыйда кыратык,
                                Бэрт кыратык дьүдьэйдэ,
                                Киэһэ сүтэр чаастатык.
                                Сэлээппэлээх силээхтэни
                                Сөбүлээбэт бэйэтэ
                                Киэргэнэр кыыс кэриэтэ,
                                Бэл, уһааттаах ууга кини
                                Көрүнэн тахсар аны,
                                Бэл, хаалтыс баанар арыт,
                                Мунаарбакка даҕаны
                                Диагноһын туруорабыт:
                                Кэнчээрибит таптаабыт!










              24
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29