Page 27 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 27
Күүстээхтэрэ дэһэллэр,
Былыргыттан ол иһин
Тутталлар кыыс сигилитин
Профессордыы билээччилэр.
Таптыыр кыыскыт киэр хайыһан
Дьааһыйдаҕына, сүүрэн кэлэн
Уоппуската ылыҥ хаайан,
Үһүс кылаас билиэтинэн
Устуҥ Лена үөһүнэн.
9
Талымас кыысчаан бастаан
Кумаардаан да көрүө суоҕа,
Хоско эргэ ырыанньыктан
Тугу эрэ ыллыаҕа.
Биэс-түөрт хоноот, түннүгүнэн
Өтөр-өтөр одуулаһыа,
Аат харата эрэ аһыа,
Мөҕүллүө ийэтиттэн.
Уонча хоноот, сыттыгын
Кистээн ытаан, сытытыаҕа,
Бэлэхтээбит хаартыскаҕытын
Уураан ылыа саалаҕа,
«Сэгэрим…» — диэн ботугуруоҕа.
10
Еля суохтуур Кэнчээритин,
Календарь лииһин ааҕар,
Сылтах булан, кини дьиэтин
Аттынан күнүс ааһар.
Иэдэһэ итийбэхтиир,
Сибилигин тиэтэйбиттии
Уун-утары тахсыа диирдии
Кэлииккэ аанын кэтиир.
Таптыы көрөр хараҥа
Түннүккэ баар розаны,
Күнү быһа кырыыһаҕа
Нухарыйар куосканы,
Буору хаһар кууруссаны.
27