Page 28 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 28

11
                                Билсэр уолун ийэтин
                                Еля көрсүөн баҕарар,
                                Биир эмэ сылаас, истиҥ
                                Тылы кыыска этиэ, баҕар,..
                                Бэйэтэ да билбэт онно
                                Тоҕо маннык наадыйарын,
                                Туттунар быһыыларын
                                Быһаарбаттар арыт дьоннор.
                                Уол дьиэтигэр тиийдэҕинэ,
                                Кыыс толлор… «Кэбис, сарсын…»
                                Ыраата түстэҕинэ,
                                Сөҕөр тоҕо кыбыстыбытын,
                                Хам ытырар уоһун сыыһын.

                                            12

                                Кэлииккэ аанын кини
                                Сэрэнэн бүгүн аста,
                                Саараан турда, күүлэ диэки
                                Көрбөхтөөтө кыбыста.
                                Кэбис… Кыыс бэйэтинэн
                                Уол дьиэтигэр саатымына
                                Ыадьыттыыра олуона…
                                Синэ биир! Илиитинэн
                                Киэр садьыйда суһуохчаанын.
                                «Дорообо, Еля, хата,
                                Бииргэ чэйдэс». Чааскыны
                                Даарыйа сыҕарытта,
                                Оруоллуу одууласта.

                                            13
                                Олус килбик, олус нарын,
                                Атаах соҕус, бадаҕа,..
                                Маннык ньыкаа кыргыттары
                                Маамалара теплицаҕа
                                Үүннэрэллэр дуу? «Куйаас…»
                                «Жарко!» Еля кыбыстан
                                Нууччалаата куолутунан.
                                Төрөөбүт тылбыт, атаас,
                                Дьадаҥы дуо, саманнык?
                                Тапталы да билинэргэ

              28
   23   24   25   26   27   28   29   30   31   32   33