Page 30 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 30

Кини салют биэрэн турар
                                Бэһиэлэй кутаа оттон…
                                Бу — комсомол билиэтин
                                Ыллаҕын күн доҕотторунуун
                                Түспүтэ… Көр, сирэйин,
                                Санаабыт курдук хорсун
                                Убайдарын олохторун…»

                                            17
                                Эдэркээн кыыс мэлдьитин
                                Тапталлаах уола хайдах
                                Үүнэн, сайдан испитин
                                Билиэн-көрүөн баҕалаах.
                                Еля олус болҕойон
                                Одуулаһар Кэнчээрини.
                                Ураты курдук кини
                                Бары атын оҕолортон…
                                Минньигэстик, минньигэстик
                                Кыыс сүрэҕэ сылаанньыйар.
                                Долгуйарын килбиктик
                                Кистии сатыыр, дьоһумсуйар,
                                Ахсарбатах курдук туттар.

                                            18

                                «Бу — Сөдүөппүн кытта мин
                                Педучилище олбуоругар…
                                Билсибиппит кинилиин
                                Уон сыл устатыгар.
                                Аныгылар кулуупка
                                Үҥкүүлээт, таптаһаллар.
                                Уураһаат, сыбаайбалыыллар.
                                Кынчарыйаат, нарсудка
                                Сырсаллар ытамньыйа…
                                Арахсаллар… Өйдөспөтөхтөр…»
                                Сонньуйан ылла Даайа,
                                Кыыс төбөтүн төҥкөтөр,
                                Сэмэйдик умса көрөр.

                                            19
                                Хараҕын кырыытынан
                                Уол оронун, долбуурун

              30
   25   26   27   28   29   30   31   32   33   34   35