Page 35 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 35

ниир,  сыгынньах  атаҕа,  куобах  оҕотун  атаҕыныы,  ибир  ойор.
         Кини аата эмиэ муода — Хабырыыс-Хобороос. Хараанай эрэй-
         дээх бу уолчааны кыыһынааҕар өссө ордук таптыыр. Аһаатах-
         тарына,  Хабырыыс-Хоборооско  эмээхсин  куурбут-хаппыт
         илии тэ хайаан да астарын дуомуттан арыый амтаннааҕын куду
         анньан  биэрэр.  Аһа-үөлэ  кырыымчык  эрэйдээх  истиҥ  тапта-
         лын  уолчааныгар  итинтэн  ордук  тугунан  биллэрээхтиэй?..  Бу
         уолчааны  дьон-сэргэ  кистии-саба  «Кулуба  уола»  диэн  аат-
         тыыллар. Ол — кырдьык. Ону Хараанай эмээхсин кимнээҕэр да
         ордук билээхтиир. Бу сүгэн-көтөҕөн атаҕар туруоран эрэр уол-
         чаана хаһан эрэ төрөппүт аҕатыгар төннөрө мүччүрүйбэт суол.
         Ону санаатаҕына, эмээхсин курустук үөһэ тыынар, уолчаанын
         диэки  дириҥ  кутурҕаннаахтык  кистээн  көрөн  ылаат,  хараҕын
         уутун кирдээх сиидэс былаатын уһугунан соттор. Кулуба уола
         буоларын Хабырыыс-Хобороос баччааҥҥа диэри билбэт. Ытык
         киһи  ыччата  буоларын  арай  кини  хайа  да  киһини  толлубакка
         уун-утары  чоҕулуччу  көрөрө  туоһулуурга  дылы.  Кулуба  уола
         тоҕо бу тулаайах эмээхсиҥҥэ иитиллэрин туһунан сири-буору
         аннынан дьикти сэһэн баар…
            Кулубаларын  улуус  дьоно  Тойон  Киһи  диэн  ааттыыллар.
         Тойон  Киһи  —  чахчы,  тойон  киэптээх  киһи.  Үрдүк  уҥуохтаах,
         тыҥырахтаах  көтөр  курдук  чыпчылыйбакка  эриличчи  көрбүт
         киэҥ,  арылхай  харахтаах  толуу  саха.  Улахан  мунньахтарга,
         үгүс дьонноох түһүлгэлэргэ тыл этэргэ анаан-минээн айылҕат-
         тан  дуу,  айыыһыттан  дуу  анаппыт  курдук  чөллөркөй  куолас -
         таах,  суоруллубут  саҥа  бэрэбинэлэри  саас-сааһынан  лиҥки-
         нэтэ  кыстаан  эрэр  курдук  лоп-бааччы  тыллаах-өстөөх.  Тутта-
         хапта  сылдьара  даҕаны  кини  тойон  ама  киһи  буоларын  туо-
         һулуур.  «Мин  кулуба  тойоммун»  диэн,  хас  хардыытын  аайы
         бэйэтигэр  уонна  дьоҥҥо  этэрдии,  чиҥ-чиҥник  үктэтэлээн
         хаа мар.  Харабыл  хаас  курдук  хоноччу  туттара  эмиэ  мээнэҕэ
         буол батах… Кини улахан баай киһи соҕотох уола. Бэйэтэ эмиэ
         сүөһүнэн дьаалата суох байан-тайан испит. Алдьархай төһөҕө
         да соһуччу түбүлүүр адьынаттаах. Биир сайын идэмэрдээх со-
         туун ыарыыга буулатан, сүүсчэкэ ынаҕа, сылгытын үөрүн үксэ
         хотуур отунуу охтубуттар. Онтон бэттэх кини сүөһүтүн төрүөҕэ
         тахсыбат. Хаһааҥҥыта эрэ сатала суох киэҥ-куоҥ күрүө-хаһаа
         иһигэр  отучча  эрэ  сүөһү  билигин  иэҕэҥнэһэллэр.  Сүөһүлэрэ
         барылара үтүктүспүт курдук, күөх эбириэн өҥнөөхтөр. Итинник
         сүөһүнү абааһы таптыы көрөр дииллэр…
            Тойон  киһиэхэ  уол  оҕо  турбат.  Үс  кыыстааҕыттан  иккитэ
         ыраах  улуус  кулубаларын  уолаттарыгар  эргэ  тахсан,  байан-

                                                                       35
   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39   40