Page 48 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 48
Аан дойдуга ханна да
Ракета тиийэр үһү!
Эһэтэ мичик гынна,
Элэктиирдии тутунна:
— Үөрэхтээхпин эрэ диэн,
Үлүннэрдиҥ эбээт, сиэн!
Былыр арай сымыйанан
Бухатыыры айаннатан…
Уол сирэйэ кытарда,
Улаханнык кыһыйда:
— «Сымыйанан»! Ким манна
Сымыйанан саҥарда?
Хата, эн этэр этиҥ
Былыр хатыҥ чэриитин
Чэй гынан иһэргитин,
Бэс субатын сииргитин!
Хотоҥҥо ынахтардыын
Хоонньоһон утуйары,
Ньирэй, кулун таҥаһы
Киэргэлгэ эрэ таҥнары!
Хата, ол баар сымыйа!
Хайдах киһи тулуйан
Ол курдук олоруоҕай
Уонна тыыннаах ордуоҕай?!
Икки саха кэпсэтэллэр —
Эргэ, саҥа көрсүһэллэр!
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Хоһоон тоҕо «Икки саха кэпсэтэллэр» диэн ааттаммыта буо
луой?
2. Эһиги санааҕытыгар, сиэнэ хас саастааҕый? Бу кэпсэтиини
хараххытыгар ойуулаан көрүҥ (сирэйдэринхарахтарын,
хайдах туттанхаптан кэпсэтэллэрин, ханна, хаһан), бэйэ
ҕит көрүүгүтүн кэпсээҥ.
3. Хоһоонтон эһэ уонна сиэн истиҥ, иһирэх сыһыаннарын туо
һулуур тыллары булуҥ, ырытыһыҥ.
48