Page 53 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 53

АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

               Бу хоһоон тутулугар майгыннатан бэйэҕит өй уонна сүрэх,
            дьол  уонна  сор,  баай  уонна  дьадаҥы  эбэтэр  өссө  да  атын  өй-
            дөбүллэр мөккүөрдэрин  туһунан  тэттик айар  үлэтэ суруйарга
            холонуҥ.



                Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

            Пётр  Тобуруокап  Үөһээ  Бүлүү  оройуонугар,  Ороһу  нэһилиэгэр,
         үөрэҕэ суох саха ыалыгар төрөөбүтэ. Кыра Бүөтүр саха оҕонньотто-
         рун,  эмээхситтэрин,  олоҥхоһуттарын-остуоруйаһыттарын,  ырыаһыт-
         тарын-тойуксуттарын  ортотугар,  олор  саамай  үөстэригэр  үөскээн
         улааппыта. Кини чугастааҕы билэр дьоннорун уустаан-ураннаан, өссө
         тэҥ  сүһүөхтээх,  рифмалаах  таймалаах  гына  туойар  үгэстээҕэ,  он-
         туката элэгинэн-хаадьытынан, көрүнэн-күлүүтүнэн киһини сөхтөрөрө,
         кини  тойуктарын  дьон  уостарыттан  түһэрбэт  буолаллара.  Ханнык
         баҕарар идэ туох эмэ төрүттээх-акылааттаах, эккэ-хааҥҥа, өйгө-са-
         нааҕа эрдэттэн иҥмит иитиллиилээх буолуох тустаах. Онон оччотооҕу
         Бөтүрүүскэ уол кэлин саха биир биллиилээх бэйиэтэ буоларыгар ити
         оҕо эрдэҕинээҕи эйгэтэ улахан сабыдыалы оҥорбута саарбаҕа суох.
                                                             Семён Руфов,
                                                саха норуодунай суруйааччыта



         Аах. Бил. Туһан
            1.  Бурцева  Н. В.,  Семёнова  В. Г.  Күндүттэн  күндүнү  —  олоҕу
               туойбутум:  Пётр  Тобуруокап  поэ зията.  —  Дьокуускай,
               2007. — С. 6—24.
            2.  Максимова П. В.  Хоһоон  хонуулардаах,  ырыа  ыллыктар­
               даах. — Дьокуускай, 2000.
            3.  Саха норуодунай бэйиэтэ Пётр Тобуруокап: ахтыылар, ыс ­
               таты йалар / Хомуйан оҥордулар: П. П. Одорусов, Л. П. То­
               буруо каба, Н. Н. Тобуруокап. — Дьокуускай : Бичик, 2004.













                                                                       53
   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58