Page 55 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 55
Көмүс уорҕалаах былыт улаҕатыгар
Тимирэн сүттүлэр айан хаастара.
Кинилэр курдук эмиэ киэҥ ыырданныннар
Ыллыыр ырыаларым сырдык ыралара.
Үлүмнэһэ көттүлэр үрүмэччи буоланнар
Үргүүк сэбирдэхтэр сэндэлэс чараҥҥа
Дьэргэл сыдьаайынан тулабын сандаардар.
Хатыҥнары быыһынан күүлэйдиир сардаҥа.
Сөрүүнүнэн тыыммахтыыр сиккиэр күөл урсунун
Үрүлүйэ күлэр үрүмэ дьирбиилиир.
Өрүкүйэр төлөннөөх хоһоон буолан кутулун,
Күһүҥҥү көстүү, күһүҥҥү иэйии.
Суох! Мин күһүҥҥүм кэхтии буолбатах,
Саҥалыы тыллыыга күүс түмүү кэмэ,
Кэрэҕэ умсулҕаммын уҕараабат уохтаа,
Кырдьыы кырыыһын кыйдыы тэтимэ!
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Айар куттаах киһи уонна айылҕа быстыспат ситимнэрэ
хоһооҥҥо ханнык тылларынан бэриллибиттэрий?
2. Кэрэҕэ умсулҕан диэн, ааптар туох сүрүн санааны этэрий?
3. Ааптар иэйиитин, уйулҕатын хамсааһынын ханнык кэрчик-
кэ ордук көрдөрөрүй?
4. Күһүҥҥү айылҕаны хоһуйуу өҥүндьүһүнүн, тыаһынууһун,
салгынын, муусукатын, уобарастарын туһунан санааҕытын
этиҥ.
Тыыннаах тыл
y Бэйиэт хоһоонуттан сиэттэрэн киһи олоҕун кэрдиис кэмнэрин
дьыл түөрт кэмин кытта хайдах дьүөрэлиэххэ сөбүн тойонноон
көрүҥ (сандал саас, самаан сайын, көмүс күһүн, кырыа кыһын).
y Эһиги санааҕытыгар, айар куттаахтар тоҕо күһүҥҥү кэмҥэ
иэйиилэрэ ордук уһуктарый, уйулҕаларын хамсааһына күүһүрэ-
рий? Санааҕытын сааһылаан кэпсэтиҥ.
55