Page 59 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 59

Тыыннаах тыл

            1.  Суруйааччы хоһооҥҥо ханнык тыллары ордук элбэхтэ хатылыы-
              рый, бу айымньы түгэх сыалын ситиһэригэр төрүөт буо лар дуо?
            2.  Сахаҕа Хотой Айыы — түмсүү бэлиэтэ, Улуу Или тутуу төрдө. Бу
              маны сүрүннээччи — Тыгын туһунан кэпсэтиһиҥ.


                                                    АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ


               Хотой  таҥаралаах  хаҥыл  Хаҥаластартан  тахсыбыт  саха  саа-
            рыннарын туһунан кэпсэтиһиҥ.


                                              АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

            1.  Түҥ  былыргы  үһүйээннэргэ  олоҕуран,  саха  омугу  түмэр-
               гэ  соруммут  Тыгын  уонна  кини  кэмин  туһунан  Н. Петров
               «Ол үйэлэр дуорааннара» айымньытын булан ааҕыҥ, Тыгын
               туһунан иһитиннэриитэ бэлэмнээҥ.
            2.  Талааннаах бэйиэт айар үлэтин туһунан чинчийэр үлэ тиэ­
               мэлэрэ:
               1.  Моисей Ефимов лиирикэтигэр киирбэт күннээх хоту дой-
                 ду уобараһа.
               2.  Бэйиэт  «Олох  өрөгөйө»,  «Бэлэхтээ  сааскы  сарыалы»  со-
                 неттарын дьөрбөтө.
               3. Моисей Ефимов — биллэр тылбаасчыт.


                                                ЛИТЕРАТУРА ТҮӨРҮЙЭТЭ


            Сонет — хоһоон формата, 14 устуруокалаах хоһооҥҥо икки стро-
         фата түөртүү, иккитэ үстүү устуруокалаах рифмаларынан солбуһуута
         биир бэрээдэктээх буолара ирдэнэр.















                                                                       59
   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64