Page 63 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 63
Тылбытын байытабыт
Ыарыы улугар — үтүөрбэт, ааспат ыарыыга.
Бороҥ таһаабар — боростуой көрүҥмэр.
Тыыннаах тыл
y Оргууй хааман иһэбин,
Суоҕу — баар дии саныыбын… — лириичэскэй дьоруой
тоҕо суоҕу — баар дии саныырын, туруга хайдаҕын билгэ-
лээҥ.
y Итэҕэйэрим —
Сырдык санаа батаспынан
Дьоло суохтары харыстаһыахпын,
Таптыыр сахам тылынан
Тааһырбыт сүрэҕи сымнатыахпын — бу тыллар түгэх са-
нааларын быһаарыҥ.
y Тымныы халлааны таламмын,
Ойдом үүммүт хахыйахпын — «сылааһы таптыыр дууһа-
лаах» эрээри, тоҕо «тымныы халлааны талан» үүммүтүн
сылыктааҥ.
y Бэйиэт быһыытынан ханнык тылларынан ахтыллыаҕын,
ырыа буолан ылланыаҕын этэрин быһаарыҥ, кэпсэтиҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Лириичэскэй дьоруой олоҕор тоҕо, туохха эрэнэрин, итэҕэ
йэрин булан ырытыҥ.
2. Хоһоонноруттан символ уобараһы булан ырытыҥ, анаарыҥ.
3. Хоһооннортон лириичэскэй дьоруой дууһатын, уйулҕатын
хамсааһынын булан быһаарыҥ, сылыктааҥ.
4. Бэйиэт хоһоонугар ханнык өҥү, туох суолтаҕа туттарын
быһаарыҥ, ырытыҥ.
5. В. Потапова — сырдык санньыар, үтүө санаа, уйан сүрэх,
чараас чуумпу кэрэһитэ. Санаа атас таһыҥ.
63