Page 66 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 66

Прозаҕа  ордук  историческай  арамаан  сайдыбыта.  1980—
             2000 сыллардаахха норуот устуоруйатын кэрэһилиир В. Яков-
             лев-Далан  «Тулаайах  оҕо»,  «Тыгын  Дархан»,  Н. Петров  «Ол
             үйэлэр  дуорааннара»,  Н. Лугинов  «Чыҥыс  Хаан  ыйааҕынан»,
             П. Харитонов-Ойуку  «Хоболоох  суол»,  Е. Неймохов  «Быһах
             биитинэн», «Алампа», Н. Борисов «Быһылааннаах былыргыга»
             арамааннара  туспа  кинигэнэн  тахсыбыттара,  киэҥ  ааҕааччы
             сэҥээриитин ылбыттара.
                Иван  Гоголев  саха  прозатыгар  ураты  суолу  тэлбитэ.  Кини
             сиэр-майгы проблематын таарыйар философскай хабааннаах
             «Иэйэхсити  кэлэтии»,  «Үһүс  харах»,  «Манчаары»  арамаанна-
             рыгар  биирдиилээн  дьон,  норуот  дьылҕатын  эрэ  буолбакка,
             билиҥҥи  кэмҥэ  киһи  аймахха  бүтүннүүтүгэр  тыҥаан  турар
             кыһалҕалары анааран көрбүтэ. Киһитийии, киһи бу олоххо ана-
             лын өйдөөһүнэ, итэҕэл, норуот уонна төрөөбүт тыл, киһи аймах
             уонна  тулалыыр  эйгэ  курдук  уустук,  мөккүөрдээх  тиэмэлэри
             арыйбыта.
                Кэлиҥҥи  кэмҥэ  айылҕа  харыстабылын  тиэмэтэ  саха  ли-
             тературатыгар  үһүстээн  эргийбитэ.  ХХ  үйэ  саҕаланыытыгар
             А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх  Өлөксөй  бастакынан  «Ойуун
             түүлэ» бэйиэмэтигэр киһи уонна айылҕа уустук алтыһыыларын
             сытыы  проблема  быһыытынан  көрдөрбүтэ.  1930-с  сыллар-
             даахха  Н. Якутскай  «Көмүстээх  үрүйэ»  сэһэнигэр  көмүс  хос-
             тооһуна олохтоох норуоттар дьылҕаларыгар мөкүтүк дьайарын
             итэҕэтиилээхтик  ойуулаабыта.  Софрон  Данилов  1986  сыл-
             лаахха «Барымаҥ даа, кубалар» диэн арамаана бэчээттэммитэ.
             Бу айымньыттан бырамыысыланнас айылҕаны алдьатарын, ол
             онтон  дьон  доруобуйата  айгырыырын,  сүһүрэрин  киэҥ  ха-
             бааннаахтык эпическэй айымньыга ойуулааһын саҕаламмыта.
             Иван Гоголев «Иэйэхсити кэлэтии», Эдуард Соколов «Хампа»,
             Василий  Титов  «Хомурах  туруйата»  арамааннарыгар  аныгы
             киһи айылҕаҕа сыһыанын, дойдутун, сирин алдьатан бэйэтигэр
             куһаҕаны оҥосторун, инникитин сарбынарын көрдөрбүттэрэ.
                Социальнай-психологическай  хабааннаах  Егор  Неймохов
             «Хаһыы»,  «Саха  дьахтарын  дьоло»,  Эдуард  Соколов  «Дьол»,
             «Буруйдаах», «Огдолуйбут олохтоох Одьунаас сордоох», Васи-
             лий  Титов  «Этиллибэтэх  кырдьык»,  «Тиһэх  дабаан»,  Айысхаа-
             на «Хахсаат тыал», Пётр Аввакумов «Алҕастар», «Киһи суола»
             сэһэннэригэр  киһи  уонна  уопсастыба  алтыһыытын,  олох  му-
             наах түгэннэригэр сиэр-майгы быһаарар оруоллааҕын, судаа-
             рыстыба тутула, уопсастыба өйүн-санаатын уларыйыыта дьон
             олоҕор, дьылҕатыгар хайдах сабыдыаллаабытын арыйбыттара.

              66
   61   62   63   64   65   66   67   68   69   70   71