Page 65 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 65
САХА ЛИТЕРАТУРАТЫГАР
ОЛОХ ЭРГИИРЭ, КИҺИ АНАЛА
(1980—1990 сс.)
Дойдуга былаас уларыйыыта Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр
икки өрүттээхтик дьайбыта. Бастатан туран, дойду үрдүнэн
бүрүүкээбит бэлитиичэскэй, экэнэмиичэскэй кириисис дьон
күннээҕи олоҕор, өйүгэр-санаатыгар күүскэ сабыдыаллаабы-
та. Сопхуостар ыһыллыбыттара, агрофирмалар, крестьянскай
хаһаайыстыбалар, общиналар тэриллибиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэ
ордук арҕаа өттүгэр бырамыысыланнас күүскэ сайдыбыта
эрээри, айылҕаны буортулуура эмиэ улааппыта. 1991 сыл-
лаахха ССРС ыһыллан, Российскай Федерация судаарысты-
бата тэриллибитэ, Бэрэсидьиэнинэн Борис Ельцин буолбута.
1992 сыллаахтан саҕаламмыт экэнэмиичэскэй реформалар
дойду ыһыллыытыгар тиэрдибиттэрэ: инпилээссийэ саҕалам-
мыта, үгүс судаарыстыбаннай тэрилтэлэр кэтэххэ көспүттэрэ,
дойдубут Арҕаа судаарыстыбалартан үп-харчы өттүнэн туту-
луктанар буолбута.
Иккис өттүттэн ыллахха, сүбэрэнитиэти ылыммыт өрөспүү-
бүлүкэ олохтоох норуоттара сүргэлэрэ көтөҕүллэн, төрүт кул-
туураларын, итэҕэллэрин, тылларын сөргүппүттэрэ, дириҥэ тэн
үөрэтиини саҕалаабыттара. 1992 сыллаахха Саха судаарыс-
тыбаннай университетын иһинэн саха билэлиэгийэтин уонна
култууратын бакылтыата, 2000 сыллаахха — култуура уонна
ускуустуба Арктическай үнүстүүтэ тэриллибиттэрэ.
Олох маннык икки өрүттээхтик сайдар кэмигэр саха лите-
ратурата саҥа кэрдиискэ тахсыбыта. Соцреализм ньымата
туттуллубат буолбута, цензура бэчээттэнэр уус-уран литера-
тураны хонтуруоллуура уурайбыта. Урукку кэмҥэ бобуулаах
тиэмэлэргэ суруйар, устуоруйа «маҥан бээтинэлэрин» анаа-
рар кыах үөскээбитэ.
65